Перевод с якутского
иҥ
аат тыл, туохтуур
Нууччалыы проникать
English (with dat.) to be absorbed, to leach, to penetrate, to steep
Ис хоһооно · 9
1 туохтуур #
Нууччалыы проникать
English (with dat.) to be absorbed, to leach, to penetrate, to steep
сиргэ уу иҥэр вода уходит в почвуthe water is absorbed into the soil
2 туохтуур #
Туохха эмэ дириҥник өтөн киирэн симэлий (ууну, убаҕаһы этэргэ)
Нууччалыы Впитываться, всасываться во что-л. глубоко
Уһаты хоруппуппут. Күһүн туора бысталаабыппыт. Ол аата сааскы хаарын уута сиригэр иҥмэккэ суха суолунан иҥнэри устун дөбөҥнүк ааһарыгар кыах биэрбиппит. М. Доҕордуурап Суоллар кытыыларыгар, сүөһү хаспыт аҥхайдарыгар, элээннэргэ саҥардыытааҕыта түспүт ардах уута сиргэ ситэ иҥмэккэ, халыйан сытар. А. Бэрияк Ардах уута иҥэн, Адьас малыс буолбут Күннүк Уурастыырап
3 туохтуур #
Оборон бэйэҕэр илдьэ хаал, арахпат курдук биһилин
Нууччалыы Пропитываться, впитать насквозь
Болотуна ырбаахылар көҕүстэригэр көлөһүн иҥмитэ, орто ойуун дүҥүрүн сирэйин саҕа буолан, хараарыҥныы турда. Амма Аччыгыйа Оҕунуох иҥмит харыларын быар куустан баран турааччы. А. Федоров Хайдыбыт сиринэн буруо иҥмитэ саһаран көстөрүттэн астыммыт курдук тутунна. Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
"Мин субу аҕай кэллим ээ," – дии тоһуйда Уйбаан уонна убайыгар оҕунуох иҥмит чэрдээх илиитин уунна
Н. Лугинов
4 туохтуур #
Умнуллубат, арахсыбат гына хатанан хаал (хол., өйгөр-санааҕар, сүрэххэр)
Нууччалыы Оседать, оставаться, сохраняться в памяти, сердце (навечно)
Күүстээх, көдьүүстээх тыл кэмигэр, сөпкө, ис сүрэхтэн этиллиэн наада. Оннук тыл кулгаахха иһиллибэт, сүрэххэ иҥмэт буолуон сатаммат. Амма Аччыгыйа Арай ити дьикти нарын мичээр Кириһээн өйүгэр-санаатыгар сүппэт гына иҥэн хаалбыта. Д. Таас "Өрөбөлүүссүйэ буурҕатын кинээстэр сатаан сибииккэҕэ хаайыахтара суоҕа, кини үлэһит норуокка бүтүннүүтүгэр иҥэн сылдьар улуу күүс," – дии санаата Александр Сергеев М. Доҕордуурап
5 туохтуур #
Олохсуйан хаал (хол., хос аат)
Нууччалыы Укорениться, укрепиться, войти в обиход, пристать, привязаться (напр., прозвище)
Фашист сидьиҥ аармыйатыгар талаанньыт, торбуйахсыт, тирбэҕэһит диэн сааттаах аат хара мэҥ буолан иҥнэ. Амма Аччыгыйа Онтон ыла Сүөдэргэ "Сылгыһыт Сүөдэр" диэн хос аат иҥмитэ. Н. Якутскай Кини дьиҥнээх аата Петр, ол эрээри дьон кинини кыра эрдэҕиттэн таптаан Чаҕылыыс диэн ааттаан, ити хос аата киниэхэ иҥэн хаалбыта Н. Габышев
6 этии #
Нууччалыы Плотный, тучный, упитанный и рослый человек (букв. пропитанный пищей человек)
Этиилэр
Ас иҥмит киһитэ (дьоно)
суон, төрөлкөй, арыы-сыа ньалҕаарыйбыт киһитэ Моторуһан түһэн, ас чахчы иҥмит дьонноро.
Эдэр киһи эмиһэ көрүөххэ куһаҕанын!
Н. ЛугиновХатыҥырын, уҥуох-тирии дии. Хайаан ас иҥмэтэх баҕайытай? Софр. Данилов.
Киһи (дьон) тыла иҥмит (тыл иҥмит) көр киһи тыла хонор
Тыл иҥнэҕинэ, Аат хонноҕуна, Сэттээх-сэлээннээх буолуо.
Өксөкүлээх ӨлөксөйДьон тыла иҥмитин кэннэ төлөрүйэр бэрт кытаанах буолсу. А. Софронов
Өссө холобурдар (2)
Тыа да, куорат да кырдьаҕастара эн тускар тыллара кырыыламмыта сүрдээх. Киһи тыла иҥмит киһитэ аанньа буолбат. П. Филиппов Тюрк. сиҥ
7 аат тыл #
Киһи сирэйин уҥуоҕа ордук биллэр көп эттээх миэстэтэ
Нууччалыы Скулы; щека
Эмээхсин да хараҕын уута иҥин быһаҕаһыгар диэри субурус гына түстэ. Ньургун Боотур. Саалын, бэргэһэтин үөһэ-аллара тардыалаабытыгар көрбүтэ: киһитин хаҥас иҥиттэн баттаҕын саҕатыгар тиийэ быһа охсуллубут баас чэрдийэ хараарар. Софр. Данилов. Иҥин уҥуохтара лоппоруһан тахсыбыт, хоп курдук таҥастаах аҕам киһи турар. М. Доҕордуурап Кыһыл саһыл уорҕата Толбоннурар таҥаһыгар, Бүтүннүүтэ кып-кыһыл, Үрдүк иҥэ – арыы саһыл Р. Баҕатаайыскай
8 аат тыл #
Киһи иэдэһин тэтэркэйэ
Нууччалыы Румянец на щеках
Кыһыл көмүһүн кыырпаҕа быһыылаах, кыыс оҕо дьэдьэн иҥинээҕэр ордуктук кыыһан, тэтэрэ дьиримниир [Өлүөнэ эбэм].
Суорун ОмоллоонСааскы халлаан сарыалыныы Сардаҥалаах иҥнэрдээх Кырасыабай үчүгэй Кыыс бэрдэ буолбут кини Күннүк Уурастыырап
9 этии #
Иҥин да таттарбат түөлбэ. – аахайбат, кыһаллан да көрбөт Оҕонньор ол аайы иҥин да таттаран көрбөт быһыылааҕа. Н. Заболоцкай. Баабыр [киһи аата] иҥин да таттарбат. Хамсатын аргыый, холкутук оборор. Н. Заболоцкай.
Нууччалыы И даже ухом не ведет
Этиилэр
Иҥин хаана быһытталанна (иҥэ быһытталанна)
дьүһүнэ-бодото уларыйыар диэри улаханнык уордайда, кыыһырда.
Измениться в лице от гнева, перекосило лицо от гнева; он вскипел, кровь бросилась ему в голову.
"Өссө "сүбэлиирдээх" эбээт... – Бодневскай иҥин хаана быһытталанна. – Барбос иннигэр эккэлиэ суохпут". Болот Боотур Кини, ортолуу чэйдии олорон, иҥэ быһытталанан, иэдэһэ үмүрүтэ тардан, ойон турда. А. Сыромятникова
Иҥин хаана кэйбит (иҥэ кэйбит)
иэдэһэ кып-кыһыл, тэп-тэтэркэй буолбут (долгуйан. кыбыстан, араас иэйииттэн).
Лицо зарумянилось, на щеках заиграл румянец (от сильного волнения, страсти, порыва чувств и т. п.).
Бэйэтэ сүүрбэччэлээх, иҥин хаана кэйбит. Киниэхэ туох көстөр бука барыта саҥа таптаабыт сүрэх курдук үөрэр-күлэр.
КүндэИҥэ кэйдэ, Сырайа сырдаата ¬-- Күлүм аллайда, Күлүүк буолла.
Өксөкүлээх Өлөксөй
Өссө холобурдар (1)
Хараҕын тэрбэччи көрөн, иҥин хаана кэйэн, күлүм аллайан хаһааҥҥытааҕар да тупсубут көрүҥнэммит. Г. Угаров