Перевод с якутского
кэм
аат тыл, сыһыат, тыл
Нууччалыы последовательная смена минут, часов, дней, лет и т. д., время
English measure
Ис хоһооно · 12
1 аат тыл #
Мүнүүтэ, чаас, күн, сыл уо. д. а. утумнаан солбуһуута
Нууччалыы Последовательная смена минут, часов, дней, лет и т. д., время
Кэм ааһар. Уһун кэм. Кылгас кэм. Кэм түргэн хардыынан ааһыыта, Эн, сэмэй кыыс оҕо, улаатыаҥ. С. Данилов Кэм баартын билбэккэ хааллылар. Дьуон Дьаҥылы. Кини -- уонунан ааҕыллар араас кэмҥэ суруллубут үгүс хоһооннордоох Ф. Софронов
Өссө холобурдар (16)
Туох эмэ буола турар, буолбут эбэтэр буолуохтаах түгэнэ. Θ Определенный момент, в который что-л. происходит. Аһыыр кэм. Сынньанар кэм. Алтан чуораанынан айдааран Аастылар үөрэммит кэмнэрим. П. Тобуруокап Уоппуска ылар да кэмэ чугаһаатаҕа буолуо. А. Федоров Эбиэт кэмэ буолан, уулуссаҕа киһи элбээбит М. Попов Сыл, күн ханнык эмэ сорҕото. Θ Пора, определенный период времени. Сааскы кэм. Халлаан сырдыыр кэмэ... П. Тобуруокап Тымныылаах кыһыҥҥы кэм ааһан, Киэҥ халлаан киэлитэ тунаарда. Күннүк Уурастыырап Күн түөртүүр ынах кэмэ буолан, кыһыл көмүс көлөөскө курдук тырымныы, таҥнары санньыйан эрэрэ М. Доҕордуурап Хайа эмэ өттүнэн ураты бэлиэ кэрдиис бириэмэ. Θ Период, эпоха. Сэрии кэмэ. Былыт саппыт былыргытын Оҕонньоттор кэпсииллэр: "Ыраахтааҕы, баай былааһын Ыар кэмигэр", - дэһэллэр. С. Данилов К. А. Воллосович эспэдииссийэтэ Омолой үрэҕэр четвертичнэй кэм дьапталҕаларын арыйбыта. И. Федосеев Романовтар үс сүүс сыл ыраахтааҕылыыр кэмнэрин устата сахалартан үс сүүсчэкэни кыайбат орто уонна үрдүк үөрэхтээх киһи тахсыбыта И. Аргунов Туох эмэ саҕаланар, туолар түгэнэ. Θ Момент наступления, исполнения чего-л., назначенное для чего-л. время, момент. Болдьохтоох кэмҥэ мин Михайловка киирбитим. Н. Якутскай Кэмнэрин иннинэ бүтэргэ Охсуулаах үлэнэн түһэллэр. Эрилик Эристиин Эргэ барар кэмим кэллэ эбээт. Уон аҕыспын туоллум.
КүндэЫһыы үлэтэ саҕаланар кэмэ субу тирээн кэлбитэ А. Бэрияк
2 аат тыл #
Табыгастаах, тоҕоостоох түгэн
Нууччалыы Подходящий момент, благоприятная пора
Тукаам, билигин сайылык халтаннаан, ынах үүтэ тардар кэмэ кэлэн барыа. М. Доҕордуурап Күн киирэрэ чугаһаан, уу сылыйбыт кэмэ. Т. Сметанин Күһүн - булт кэмэ. Доҕордоһуу т. Саас тыһы табалар төрүүр кэмнэрэ кэлэр. Н. Тарабукин (тылб.)
3 аат тыл #
Тыл үөрэҕэр: хайааһын хаһан буолбутун, буоларын эбэтэр буолуохтааҕын көрдөрөр туохтуур формата
Нууччалыы В грамматике: форма глагола, относящая действие к прошедшему, настоящему или будущему времени
Ааспыт кэм. Билиҥҥи кэм. Кэлэр кэм. Былыргы түүрдэр тылларыгар туохтуур ааспыт кэмин сэттэ көрүҥэ туттуллубут. АНК БТТ. Мэлдьи буолан ааспыт кэм билиҥҥи түүрдүү тылларга барыларыгар туттуллар АНК БТТ
4 аат тыл #
түһүк тард. ф-гар: сөптөөх, табыгастаах бириэмэтигэр, тоҕооһугар
Нууччалыы Своевременно, в свое время
Матырыйаалбытын кэмигэр хааччыйбаккалар эрэйдээтилэр, аҕыйах күммүт сүттэ.
Н. ЛугиновБулчуттар түүлээҕи кэмигэр бултуулларын, тириитин, түүтүн өҥүн алдьаппакка тиирэллэригэр, хатаралларыгар бэрэбиэркэ оҥоробут. Н. Якутскай Кэмигэр көрөн сотон кээһиэҥ - Тимир ыраастанан кылбачыйыа Р. Баҕатаайыскай
5 аат тыл #
тут. түһүк тард. ф-гар: уларыйбакка, урукку туругунан
Нууччалыы Без изменений, по-старому, по-прежнему. [Лэкиэ:] Солуну билбэтим, кэмминэн соҕотох бэйэм этэҥҥэ сылдьабын
Саапка бэйэтин кэминэн, балачча чуумпутук сылдьыбыта. Д. Таас Өрдөөҕү эрээри кэминэн кэриэтэ сылдьар сиэрэй өҥнөөх көстүүмнээҕин кэттэ. У. Нуолур Биһиги да кэммитинэн олоробут, туох да кэлбэт-барбат. А. Бэрияк
Өссө холобурдар (2)
[Кэтириис:] Солун суох. Олоробут кэммитинэн. С. Ефремов Ср. алт. кем ‘пора, время; мера’
6 этии #
Нууччалыы Этап, стадия в развитии чего-либо
Этиилэр
Биир кэм көр биир
Кымньыы тыаһа биир кэм кууһурҕас буолла. Суорун Омоллоон. Санаабар, буулдьалара хойуута бэрт, биир кэм чып-чыбыгырас. И. Сосин. Кэрдиис кэм - ким-туох эмэ сайдыытыгар ойуччу арааран көрүллэр туспа түгэн Кини [Дьокуускай] сүдү мөссүөнүгэр аан дойду култууратын сайдыытын бары кэрдиис кэмнэрэ көстөргө дылылар. Н. Лугинов. М. А. Шолохов килбиэннээх айымньылара -- киһи аймах уус-уран сайдыытыгар саҥа кэрдиис кэми арыйдылар. Софр. Данилов. Саха тылыгар сомоҕо домохтору үөрэтии историята икки бэлиэ кэрдиис кэмҥэ араарыллар. СЛСПҮО. Кэриим кэмэ - кыһыҥҥы суол туруута онно-манна иҥнигэһэ суох айанныыр кэм.
Время становления зимника, зимней дороги, когда можно беспрепятственно ездить.
Кинилэр саас кэриим кэмэ кэллэҕинэ, сыарҕа уйбатынан, көлө тардыбатынан таһҕастанан киирэллэр. "ХС"
7 аат тыл #
Ханнык эмэ хайааһын, туох-эмэ буолар, оҥоһуллар чэрчитэ
Нууччалыы Мера, предел осуществления, проявления чего-л
Барытыгар кэмин билиэххэ. [Арыгыны] кэмин таһынан иһэн Кэпсээнин киртиттэххитинэ, Алыс батыһан аһаан Аатын алдьаттаххытына [иэдэйиэххит].
Өксөкүлээх Өлөксөй[Тимир көлө] кэмин көрдөрбөккө, Кэрдиитин биллэрбэккэ, Күүрэ-күүрэ түстэ, Күлүгүрэйэн истэ...
П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
Ср. монг., бур. хэм ‘мера, предел, рамки, величина, объем’
8 аат тыл #
Сүһүрүүттэн тыҥырах аннынан үөскүүр ириҥэлээх искэҥ
Нууччалыы Ногтоеда. [Гвоздиканы] илдьиритэн баран, "кэм" буолбут тыҥыраҕы [ногтоеданы] эмтииллэрэ эбитэ үһү
МАА ССКОЭҮү. Ср. уйг. кэм ‘болезнь’
9 #
ыан т
Дьиҥ сөбүлээн ылбыта буоллар, кэм таптыах, кэм сылаастык кэпсэтиэх этэ.
П. ОйуунускайКэм эр киһи диэн эр киһи буоллаҕа. Н. Габышев Кэм чугас күөрэйиэҥ эбээт! Н. Заболоцкай
10 #
Ханныгын да иһин син оннук, оннук буолуон сөп диэн утаран этиини көрдөрөр (син, ханныгын да иһин, туох да диэбит иһин)
Нууччалыы Выражает уступительно-противительную оговорку говорящего по поводу высказываемого (все-таки, все же)
11 #
Мэлдьи кэриэтэ буолар, үгүстүк хатыланар, сөбүлэммэт быһыынан сирэй-харах анньан, сэмэлээн этиини көрдөрөр
Нууччалыы Выражает порицание, укор говорящего по поводу часто повторяющихся действий
Кэм наадалаах күҥҥэ саҥарбаккыт, ньимиликээннэр буолаҕыт. А. Федоров Кэм кимиэхэ эмэ албыннаппыт буолуо С. Ефремов
12 #
Куруутун буолар атаҕастабыллаах эбэтэр табыллыбат быһыыттан саҥарааччы абарыытын, суланыытын, үҥсэргээһинин, санаата түһүүтүн көрдөрөр
Нууччалыы Выражает негодование, сетование, жалобу, огорчение говорящего по поводу обычно повторяющихся несправедливости и невезения
Кэм биһиги буруйдаах буолан иһиэхпит! Амма Аччыгыйа Миэхэ кэм таһа буолуо! Н. Заболоцкай Кэм биһиэнэ биһиэнин курдук. Эрчимэн. Ээ, ол иһин да, кэм оннук буолуо Н. Габышев