ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ос

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы зажить, заживать, затянуться, гранулироваться

English (medicine) to heal

Ис хоһооно · 5
I

1 туохтуур #

Үтүөр, тириинэн бүрүлүн (баас туһунан этэргэ)

Нууччалыы Зажить, заживать, затянуться, гранулироваться (о ране)

  • Кыранаата оскуолкалара көхсүн тырыта сүүрбүтэ чэрдийэ оспуттара ала бэлиэтик килэрийэн көһүннэ.
    М. Доҕордуурап
  • Тимиртэн баас ылыаҥ - Түргэнник оһуоҕа, Оттон тылтан бааһырыаҥ - Үйэҥ тухары сордуоҕа
    ХС

2 туохтуур #

Отунан-маһынан саба үүнэн, соччо биллибэт буол (суол, ыллык о. д. а. тустарынан)

Нууччалыы Зарастать, прорастать чем-л. (травой - о яме, тропинке, трещинках в скале)

  • Икки ыҥыыр аттаах киһи былыр үйэҕэ оспут ыллык суол омоонунан өтөххө хаамтаран дьалкытан киирдилэр.
    Л. Попов
  • Оһон хаалбыт суол омоонун сыыһа-халты үктээн, эрэй бөҕөнү көрдө
    Г. Колесов

3 этии #

Этиилэр

Оспот баас көр баас II

  • Ол сыл элбэх оспот бааһы хаалларбыт сүрэх аайы.
    И. Гоголев
  • Ср. телеут. ос ‘увянуть’
II

4 аат тыл #

Этэрбэс, саппыкы, хаатыҥка сотото

Нууччалыы Голенище

  • Ити улахан ытыҥ, көр, этэрбэһим оһун тобулу ыстаан кэбиспит эбит ээ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Оҕонньор этэрбэһин оһуттан хамсатын хостообута, табах ууруммута
    И. Федосеев

5 аат тыл #

түөлбэ. Этэрбэс сототун иннинэн үс-түөрт тарбах кэриҥэ кэтиттээх киэргэл киллэһик

Нууччалыы Украшение-вкладыш в передней стороне голенища шириной в три-четыре пальца

  • Тоһоҕос дьэһэ иҥэһэтигэр Ойуулардаах билэлээх Осторуктаах саарылаах Уллуҥахтаах сототун Олуйа тэбэн тирэммит.
    С. Зверев
  • Ср. алт. коч, туркм. гонч ‘голенище’

«О» буукуба