ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сүк

туохтуур

Нууччалыы нести на спине

English to carry on one's back or shoulders

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Нууччалыы нести на спине

English to carry on one's back or shoulders

  • оҕону сүк
    нести ребёнка на плечахto carry a child on one's shoulders

2 туохтуур #

Нууччалыы нести вину

English to bear guilt or responsibility

  • эппиэтинэһи сүк
    нести ответственностьto bear responsibility

3 туохтуур #

Кими-тугу эмэ көхсүгэр эбэтэр санныгар уур, олорт

Нууччалыы Класть, взваливать, сажать кого-что-л. на спину

  • Икки обургу уол тыаттан мас сүгэн киллэрэн, мастаан чакыйдылар.
    А. Софронов
  • Микиитэ, оробуоһа куулун сүкпүтүнэн -- интэринээт дьиэҕэ көтөн түстэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Балачча тэйиччинэн Салбаныкы Сүөдэр диэн оҕонньор тууну адаарыччы сүгэн, ааһан эрэр эбит
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (3)
  • Тугунан эмэ бүрүлүн. Θ Быть покрытым чем-л. Көһөҥө күүгэннэри сүкпүтүнэн хайа хаспаҕын таҥнары ыстаҥалыыр -- көҥүс уута кинилэр быһыттарыгар күүстээх күөнүнэн анньылла түстэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Харыйалар, бэсчээннэр Хаартан арыый быкпыттар, Саҥа хаары сүгэннэр – Саҥыйахтаах курдуктар.
    С. Данилов
  • Эн өллүҥ, үрүҥ күн анныгар Сүүрбэ үс күөх окко үктэнэн, Сүүрбэ үс күһүҥҥү өксүөнү, Кыстык хаар кыыдамын сүгэҥҥин
    Күннүк Уурастыырап

4 туохтуур #

Тугу эмэ (хол., айыыны, буруйу, эппиэтинэһи) бэйэҕэр ылын, искэр илдьэ сырыт

Нууччалыы Брать на себя что-л. (напр., грехи, вину, ответственность)

  • Көмнөхтөөх харыйа саҕа ыар айыыбын мин бэйэм Уҥуоҕа килэрийиэр диэри дьуккуруйбут санныбар Сүгэн иһэбин.
    И. Гоголев
  • Туох эмэ тахсан хааллаҕына, эппиэтин да сүгэргэ бэлэм.
    Н. Заболоцкай
  • Кини [Өкүүсэ] бу ыар санааны сүгэн олорорун тамыйахтара билбэттэр
    Эрилик Эристиин

5 этии #

ы сүк – ким-туох эмэ диэн ааттан; тугунан эмэ аатыр Үөлээннээҕиэм, ахтыах эрэ Ааспыт аараан суолбутун: "Саҥа дьон" диэн ааты сүкпүт Сааскы чаҕыл күммүтүн. С. Данилов. Эс, саатар, редколлегия чилиэнин аатын сүгэ сырыт ээ, үлэлээмэ даҕаны. Болот Боотур. Мин сытыы-хотуу киһи аатын сүгэрим буолуо. М. Доҕордуурап.

Нууччалыы Получить какое-л. имя, название; славиться чем-л

Этиилэр

Буор сүк

оттуур, бурдук ыһар сирдэн, бас билэр сирдэ анат.

Получить надел земли, обзавестись собственной землёй.

  • Биһиги ыаллар сир ылаайабыт диэн олус кэтэһэбит. Буор сүкпүт саҕа сананан, сүүрүүнэн сылдьар буоллубут.
    М. Доҕордуурап

Өрө сүк

1) элбэх буолан мустан тугу эмэ ыс-тох; алдьат.

Разбрасывать, раскидывать что-л.; разрушать что-л., собравшись толпой.

  • Кини -- уолаттар, кыргыттар балаҕаннарын дуомун өрө сүгэн барыахха айылаах да буоллахтарына дьаҕырыйа түһэри билбэт.
    А. Сыромятникова
  • Ити сурахтан соһуйан сулбурута ойон турбут дьон чуут тордоҕу өрө сүгэн кэбиһэ сыстылар. С. Курилов (тылб.); 2) тугу эмэ тыаһынан, сураҕынан толор, бүтүннүүтүн сабардаа. Наполнять что-л. шумом, слухами. Арба биһиги солооһуммут оройуону өрө сүгэн үллэҥнэтэн эрэр быһыылаах.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (2)
  • Сүгэ тыаһа лабыргыыра, аар харыйа барчаланан түһэрэ иһийэн турбут ойууру өрө сүгэр.
    С. Федотов
  • Ср. ДТС йүк ‘поклажа, вьюк, груз’, тат. йөк ‘воз; груз, ноша, вьюк, поклажа’, кум. юк ‘груз, ноша, вьюк’, уйг. жүк ‘вьюк, ноша’

«С» буукуба