ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

илт

туохтуур

Нууччалыы уходя, брать с собой что-л., уносить, увозить

English to bear, to carry, to take

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

Бэйэҕин кытта тугу эмэ ылан бар (тутан, кыбынан, көтөҕөн, сүгэн, тиэйэн)

Нууччалыы Уходя, брать с собой что-л., уносить, увозить

  • Кирилэлээххэ сылдьан муҥханы тиэйэн илдьээриҥ, муҥха онно турар.
    Күндэ
  • Остуолтан сылабаары сулбу тардан илдьэллэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Онон Чүөчээски бастакы куртуйаҕын доҕоругар Намыын оҕонньорго илдьэн биэрбитэ
    Суорун Омоллоон

2 туохтуур #

Бэйэҕин кытта батыһыннаран (сиэтэн, үүрэн, аргыстаһыннаран) бар

Нууччалыы Уходя, увести за собой, уводить кого-л с собой

  • Аны сүөһүбүн былдьаан ыларыҥ итэҕэс дуо? Ити эмээхсиним баар, ону илдьэ бар.
    Н. Неустроев
  • Кинини тутан манна илдьэ иһэннэр биэлэй саллааттара хаатыҥкатын былдьаан ылан бараннар, кээнчэтэ суох этэрбэһи биэрбиттэр.
    Эрилик Эристиин
  • Александр Сергееви саһар сиригэр Яков Гурьев илдьэ барда
    М. Доҕордуурап

3 туохтуур #

Тугу эмэ биир сиртэн атын сиргэ сыҕарыт, тиэрт

Нууччалыы Переместить, поднести что-л. куда-л

  • "Бу олоххо олоруох кэриэтин... " – Сөдүөччүйэ ырбаахытын сиэҕин хараҕар илпитинэн барда.
    Амма Аччыгыйа
  • Илиитин кулгааҕар да илдьэр солото суох.
    А. Федоров
  • "Буору бүтүннүү тойотторбут ылаллар, – диэтэ, айаҕар илдьэн эрэр көбүөрдээх лэппиэскэтин тохтотто, – сокуоҥҥа ити хайдаҕый?"
    М. Доҕордуурап

4 туохтуур #

Күүскүнэн-уоххунан сөрөөн бар, ханна эмэ тиэрт (айылҕа көстүүтүн туһунан)

Нууччалыы Быть унесенным, унести (течением, ветром)

  • Уот сиэбитин, уу илпитин курдук (өс ном.). Дохсуннук сүүрэр уу уоҕурдууну бэрт түргэнник суурайан илдьэр.
    П. Егоров
  • Эбэтэ таһырдьаттан киирэн иһэн: "Ычча-у! Киһини илдьэр тыал түспүт," – диэтэ
    Багдарыын Сүлбэ

5 туохтуур #

Сырыт, олор диэн туохтуурдары кытта ситимнэһэн: бэйэҕин кытта баар гын, бэйэҕиттэн араарбакка сырыт, олор

Нууччалыы В сочет. с глаголами сырыт, олор: иметь при себе; носить, возить с собой; жить вместе

  • Бары үөрүүнү-көтүүнү, көҥүл олоҕу бэйэлэрин кытта илдьэ сылдьаллара тоҕо баҕас үчүгэйэй...
    А. Софронов
  • Хаһыат баар... Бу сиэппэр илдьэ сылдьыбыт эбиппин.
    Амма Аччыгыйа
  • Бэйэтигэр сөптөөх, илдьэ сылдьар, аналлаах инструмент оҥостуммуппут.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
  • Онтон туран Екатерина Второй ыраахтааҕы ыҥыртаран ылан дьиэтигэр кэргэн гынан бэрт өр илдьэ олорбут
    Эрилик Эристиин

6 туохтуур #

Туохха эмэ сирдээ, салайан тириэрт

Нууччалыы Вести за собой, направлять кого-л.; идти во главе

«И» буукуба