Перевод с якутского
чэ
частица, сыһыат, тыл
Нууччалыы ну
English well, well then
Ис хоһооно · 4
1 #
ыан т
Чэ, кэпсээ, эмээхсин, утуйааччы утуйдун, истээччи иһиттин ээ. Амма Аччыгыйа – Чэ, этэ тарт! – диэт, ийэтэ сытыы чыпчаххайынан салгыҥҥа быһа биэрэн куус гыннарда. Н. Заболоцкай – Чэ-чэ, суруйаргын эрэ бил! Акаарытык тыллаһа олорума! – аҕата күөмэйин соното соҕус саҥарда М. Доҕордуурап
2 #
Кими эмэ туохха эмэ көҕүтүүнү, күһэйиини эбэтэр баҕа санааны көрдөрөр
Нууччалыы Выражает побуждение, повеление, пожелание и т. п
3 #
Саҥарааччы кими, тугу эмэ кытары сөбүлэһэрин көрдөрөр
Нууччалыы Подчёркивает согласие говорящего с кем-чем-л. [Уолаттар] хаайбыттара бэрдиттэн, Суккун сонноох Суут албын аатыгар эрэ: – Чэ, кэпсиим даҕаны, – диир
Чэ-чэ, төлөөмө, хата, сырытыннар, аны кыһыҥҥа диэри ити ыстараабыҥ пиэнньэтэ үллэн, төһө-төһө буолуоҕун билэҕин дуо?
Күндэ[Бадин:] Чэ сөп, үчүгэй. Эйигин аһаттылар дуо? С. Ефремов
4 #
Саҥарар саҥа ордук хомоҕой, этигэн буоларын туһугар туттуллар
Нууччалыы Употребляется для придания высказыванию большей силы, выразительности
Чэ, бу үчүгэй… Эдэр киһи арыгыны иһэр, хаартыны оонньуур буолара үчүгэй. Эрилик Эристиин [Иван Степанович:] Чэ, кэпсээммин салгыыбын. С. Ефремов Ср. тюрк. че ʽладно; нуʼ