Перевод с якутского
эм
туохтуур
Нууччалыы сосать грудь матери (матки), высасывать из неё молоко
English to suck
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Эмиий тумугун уоскунан оборон үүтүн ис (оҕо уонна үүтүнэн иитиллээччилэр төрүөхтэрин туһунан)
Нууччалыы Сосать грудь матери (матки), высасывать из неё молоко (о ребёнке, детёныше млекопитающих животных)
Күөх тугуттар ийэлэрин эмэннэр Чуп-чубугурастар, күннээн эрэллэр. С. Данилов Махсыымка эрэйдээх, ийэтин эмиийин эмэн, уоһа боллойон олороро субу баар ээ. Софр. Данилов. [Кулунчуктар] ийэлэригэр тиийэн үҥүлүйэн, эмэн чубурҕаппытынан бараллар В. Протодьяконов
2 туохтуур #
Айаххар илдьэ сылдьан уоскунан соппой, тылгар мөкүнүҥнэт
Нууччалыы Держать что-л. во рту, разминая губами, языком, сосать что-л
Оҕо тарбаҕын эмэр. П. Тобуруокап Оҕото кэмпиэт аҕалан биэрбитин, онтун эмэ-эмэ: “Ити кэһиилэри ким аҕалан биэрдэ?” – диэн ыйытар.
КүндэХата киһиҥ кыһаммат, суоскатын эмэн чобурҕата сытар С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
Тугу эмэ айаххар уган уоскунан эпсэри ылан обор, соппой (хол., хамсаны). Θ Втягивать, всасывать губами что-л. в рот, сосать что-л. (напр., трубку). Сыгынньах ойуун уотун иннигэр арбайан, хаана болодуйан, хамсалаах табаҕын эмэн соппойо-соппойо, эмиэ саҥата суох олорбута Н. Якутскай
3 туохтуур #
Олохсуйан, ааһан-араҕан биэрбэккэ, киһи күүһүн ыл, кэбирэт (ыарыы, санаа-оноо туһунан)
Нууччалыы Подорвать, расшатать здоровье (о болезни, о длительной тупой боли, переживаниях), причинить страдания
Өлөксөөс ахтылҕан маннык күүстээҕин, сүрэҕи-быары маннык ыарыылаахтык эмэрин урут сэрэйбэт этэ. В. Гольдеров Бу киһи сүрэҕин-быарын эмэр, сааһын сарбыйар улуу аһыыттан кинилэри хайдах гынан быыһыах баарый. Н. Түгүнүүрэп Хомойуох иһин, кини уһуннук олорботоҕо. Саамай күөгэйэр күнүгэр сылдьан, ыарахан ыарыы эмэн, бэрт уһуннук ыалдьан өлбүтэ. СМН ТС
4 туохтуур #
Кими эмэ көлөһүннээ, үбүн-аһын бэйэҕэр иҥэрин, мөлтөт-ахсат
Нууччалыы Эксплуатировать кого-л., выжимать пот из кого-л
Үрүҥ күн анныгар үлэһит кылаас күүһүн хааннаах хара көлөһүнүн хапытаал-хабала эмпиттэрэ.
П. ОйуунускайБэһиэлэйэп мин хара көлөһүммүн эмпитин харахтаах бары көрбүт суола ини. Амма Аччыгыйа Баайдар бырыһыанынан, хабаланан дьон сүмэтин эмэн олорбуттара аны уурайыахтаах М. Доҕордуурап
5 туохтуур #
Төлөрүппэт гына ыга ыл (омсолоох куһаҕан дьаллык туһунан)
Нууччалыы Засасывать, затягивать кого-л. (о каком-л. пороке, дурной привычке)
Тоойуом, кэбис, итинник этимэ. Арыгы эмэн ылбытын киһи эрэ билбэккэ хаалар. Э. Соколов Ср. ДТС ем, тюрк. ем, эм ‘сосать’