ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эс

ынырыы, туохтуур

Нууччалыы нет

English no

Ис хоһооно · 18

1 ынырыы #

Нууччалыы нет

English no

  • эс, барбаппын
    нет, я не пойдуno, I won't go
  • эс, оннук буолбатах
    нет, это не такno, it's not like that

2 туохтуур #

Нууччалыы выбрасывать; отбрасывать

English to throw away, to throw out, to discard

  • күрдьэҕинэн эс
    бросить лопатуto discard a shovel
  • хаары эс
    сбросить снегto get rid of the snow

3 туохтуур #

Нууччалыы сбрасывать

English to throw off

  • батталы эс
    сбросить гнётto throw off oppression

4 туохтуур #

Нууччалыы снимать снасть

English to remove (hunting or fishing gear)

  • илими эс
    снять рыболовную сетьto remove the fishing net

5 туохтуур #

Нууччалыы стрелять

English to discharge, (archery, firearms) to shoot

  • сааны эс
    выстрелить из ружьяto shoot a gun
  • динамиты эс
    подорвать динамитto set off dynamite
I

6 туохтуур #

Бэйэҕиттэн, бэйэҥ таскыттан киэр бырах, киэр гын

Нууччалыы Отбрасывать, откидывать, отодвигать что-л. от себя

  • Тимир күрдьэҕинэн сири хаһыйбахтаан туора эспитинэн барда.
    П. Филиппов
  • Мотуруона эмээхсин, бүрүнэн сыппыт сонун атаҕар эһэн кэбиһээт, өрө күөдэллэнэн турда.
    А. Фёдоров
  • [Көстөкүүн] Харчытын Мэхээлэ Доромооноп диэки кэлэйбиттии киэр эстэ
    Күндэ
Өссө холобурдар (1)
  • Бырах, сүөкээ (хол., ууну оҥочоттон). Θ Слить, вычерпать (напр., воду из лодки). Оҥочоттон ууну эһэн, чалымнатар
    Амма Аччыгыйа

7 туохтуур #

Бүтэр, барат, суох гын

Нууччалыы Израсходовать, исчерпать, истратить что-л

  • Мин ыалдьан наһаа буорайбытым, Эспитим биир эмтиэкэ эмин. М. Джалиль (тылб.)
  • Суох гын, урусхаллаа, өлөр. Θ Уничтожать, стереть с лица земли. Хара ыт буоламмын эккирэтэ сылдьан Эһиги аймаҕы барыгытын эһиэм.
    И. Гоголев
  • Аҕабыт ийэбитигэр: "Ынахтаргын эрэ эһимэ, оҕолоруҥ аһыырдарын быһымаһ, – диэн суруйбута.
    И. Федосеев
Өссө холобурдар (3)
  • Түөрт сыл биһиги күүппүппүт, Кыайыы күнэ кэлэргин, Бары күүһү түммүппүт Фашист бииһин эһэргэ.
    П. Тулааһынап
  • Биэс уон сылларга сибирскэй язва курдук ыарахан ыарыы туран тайах, таба бөҕөтүн эспитэ
    Дылбаны
  • Бэйэҕин кытта илдьэ бар, бэйэҕэр холбоо. Θ Уводить с собой, растворять в себе (напр., домашних оленей дикими). Кыыл табалар халҕаһалыы анньан кэлэн -- иитиэх табалары ньылбы эһэн бараллара
    И. Данилов

8 туохтуур #

Туруоруллубут булт тэриллэрин хомуй, хомуйан ыл

Нууччалыы Собирать расставленные рыболовные, охотничьи снасти

  • Аҕам тиһэх илимин эһээтин кытта, илин диэки сарсыардааҥҥы саһарҕа тыкта.
    И. Данилов
  • Кыайтарбатаҕына туһахтаргын эһэн, сылдьар ыырдаргын кыпчый
    Н. Борисов
  • Иитиллэн турар булт сэбин төлөрүтэн эстибэт гын. Θ Разряжать охотничьи снасти. Тахсарыгар чаархааны ыраахтан туран тарбаан эһэр да, ороҕун түгэҕэр соҕотохто дьылыс гынан хаалар.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
  • [Эһэ] сохсоҕо киирбэт этэ, уһун ураҕаһы булан, сохсо иһин булкуйара, оччоҕо сохсо кураанахха эстэн, күөдэл гына түһэрэ. Эһэ итинтэн эрдийэн, сохсону ирдээн сылдьан эһэр дьаллыкка ылларбыта.
    И. Федосеев
  • Эспэтэх айам, тиийбэтэх ыырым Элбэх даҕаны хаалбыта буолуо
    И. Егоров

9 туохтуур #

Батталы, атаҕастабылы суох гынарга турун

Нууччалыы Стремиться уничтожить гнёт, несправедливость

  • Эргэ бэрээдэги эһэн, Эҥин үчүгэйдэ тэрийиэҕиҥ [дииллэр Дьобуруопа дьоно].
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Сааттаах кулуттуу олоҕу эһиэҕиҥ! Саргылаах киһилии олоххо тиийиэҕиҥ. Эллэй. Бар дьону умсары баттыыр баай кылааһын эһэн, саҥа уопсастыбаны туппуппутун хараххынан көрөҕүн, эккинэн-хааҥҥынан билэҕин.
    М. Доҕордуурап
  • Эн кырдьык иннигэр, – Эрэйи эһэргэ, кырыыһы кыайарга Эр сүрэх, күүс санаа Муоратын туруордуҥ
    Кыым

10 туохтуур #

Эстэр сэби ытан иитиитин суох гын

Нууччалыы Разрядить оружие

  • Дьон кэлэн тоһуурга түбэһиэхтэрин иннинэ саатын мүччү тутан эһэн кэбиспит.
    Эрилик Эристиин
  • Имэҥнээх-илбистээх тыллары эппитиҥ, Эрчимнээх тэбиилээх тэргэни эспитиҥ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Мин сааны эспэккэ эрэ кустааҕар буолуох эһэни да өлөрүөхпүн сөп
    И. Федосеев

11 туохтуур #

Тиэхиньикэ мотуорун собуоттаа

Нууччалыы Заводить мотор

  • Биһиги тыраахтарбытын эһэрбитигэр ыарырҕатар этибит, икки буолан нэһиилэ мотуор уруучукатын эрийэн собуоттуур этибит.
    Далан
  • Тыраахтардара, бүтэй аанын тахсаат, умуллан хаалбыт, төрүт эстибэт үһү
    К. Чааскын

12 этии #

Нууччалыы Уничтожить (словом), поставить в безвыходное положение

Этиилэр

Эһэн таһаар

хот, сүүй, саҥата суох ыыт Сүллэһин Сүөдэри эмээхсин ити тыллара букатын эһэн таһаарбыттара.

  • Бүттүм. Олох эһэн таһаарда дии. Н. Лугинов

13 этии #

Саах эһэр түннүк эргэр. – урукку саха хотонугар ынах сааҕын таһырдьа таһаарар кыракый түннүк Саах эһэр түннүккэ тиийэн, тыын быһаҕаһынан тыынан, иһиллии-иһиллии, уоран өҥөйөн көрдө [дьахтар – чолбону]. П. Ойуунускай.

Нууччалыы Окошко в старом коровнике, через которое выкидывали коровий навоз

Этиилэр

Эһэр балык (собо)

муҥхаҕа киирбит олус элбэх, киһи кыайан бүтүннүүтүн тардан таһаарбат балыга, ону күрдьэҕинэн баһан эһэн таһаараллар.

Огромное неподъёмное количество рыбы в неводе, которую выгребают, выбрасывают лопатой.

  • Кини эһэр балыга бэрт элбэх ыалы уот кытыытыгар олордон, дьону хоргуйууттан, быстарыыттан өрүһүйбүтэ чахчы. "Чолбон". Собо эһэр майдаан аһылла түһэр.
    ХС
  • Ср. ДТС чач ʽрассеиваться, распространятьсяʼ, еш ʽгрести, разгребатьʼ, кирг. эш ʽразорватьʼ
II

15 #

Этиллибити ылыммат, утарар, "суох, оннук буолбатах" диэн суолтаҕа туттуллар (үксүгэр кэпсэтиигэ этиллэр)

Нууччалыы Употребляется говорящим для выражения отрицания решительного отказа от предложенного (обычно употр. в диалоге)

16 #

Дьиктиргээһини, сөҕүүнү көрдөрөр

Нууччалыы Выражает удивление, изумление

  • "Эс, бу баҕас таһаҕас буоллаҕайһ, – Максим үөрэ-көтө оҕонньор биэрбит малын суумкатыгар уктуталаан кэбистэ.
    Л. Попов
  • "Эс, бу туох эстибит муҥнааҕый, ама да мин ыалдьытым буолуох баатыгарын!" – диэн сөҕөн, эмиэ да толло, эмиэ да аһына санаатым
    Н. Заболоцкай

17 #

Бэйэ санаатын саарбахтыыр, итэҕэйбэт буолууну көрдөрөр

Нууччалыы Выражает недоверие или неуверенность в правильности своих мыслей, колебание

  • Эс, араас да санаа киирэр ээ.
    С. Ефремов
  • "Эс-эсһ, – диэмэхтии-диэмэхтии, баттаҕын үөрэнэн хаалбытынан өрүтэ анньыммахтыыр
    В. Протодьяконов

18 этии #

Нууччалыы Согласный на всё, не отказывающийся ни от чего

Этиилэр

Эс диэбэт

туохтан да аккаастаммат, төттөрү эппэт Тихон доҕотторо бары даҕаны, иһигэр иччилээх бытыылканы эс диэбэтэх дьон.

  • Н. Босиков

«Э» буукуба