ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

өр

сыһыат, туохтуур, даҕааһын

Нууччалыы долго

English for a long time

Ис хоһооно · 9

1 сыһыат #

Нууччалыы долго

English for a long time

  • олус өр оҥор
    делать подолгуto do for a long time

2 сыһыат #

Нууччалыы давно

English long ago

  • кинини көрбөтөҕүм өр буолла
    я давно его не виделI haven't seen him in a long time
I

3 туохтуур #

Уокка оргута, буһара уур

Нууччалыы Ставить на огонь варить, кипятить (чай, обед и т. п.)

  • Чэйгин өр. Күөһү өр.
  • [Хаалдьыт:] Барыта талбыт курдук, хата сылабааргын өрөн, аскын астаан, бэлэм олор.
    А. Софронов
  • Кинилэр сэһэргэһэ-сэһэргэһэ чэй өрдүлэр.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
II

4 туохтуур #

Хас да сүүмэхтэн эбэтэр утаһынтан хат, хатан оҥор, баайан оҥор

Нууччалыы Плести, сплетать, заплетать

  • Тууну өр. Суһуоҕу өр.
  • Уһун суһуоҕун кууруор диэри намылыччы тараан баран мөлбөөрүччү өрөн кэбиһэр.
    Н. Якутскай
  • Туу өрө, Илим баайа олорон, Эрэллээхтик кини диэки көрөрүм
    И. Гоголев

5 туохтуур #

Саптан анал тэрилинэн (испииссэнэн, күрүчүөгүнэн) таҥаһы баай, баайан оҥор

Нууччалыы Вязать (спицами, крючком)

  • Кини өрө олорор куруһубатын ньилбэгэр ууран баран, толкуйдаан олордо.
    Н. Заболоцкай
  • Арай үс кыыс киэһээ хойут Таҥас өрө олорбут.
    А. Пушкин
  • Ср. тюрк. өр, үр ‘плести, заплетать’
III

6 #

сыһ

7 #

Уһуннук

Нууччалыы Долго. Ол курдук өр соҕус айаннаан, арыыга чугаһаатылар. Эрилик Эристиин. Өр соҕус күүттүлэр. Күннүк Уурастыырап

8 #

Уһун кэм устатыгар, бэрт элбэх күн-дьыл анараа өттүгэр

Нууччалыы Давно. Өр да буолла мин таба Ньуоҕутун туппатаҕым, Сыа хаары бурҕачытан Сыһыынан ааспатаҕым. С. Данилов. Кэҕэ баҕайы Бэйэтин оҕотун биирдэ да Бэрийбэт диэн Бэрт өртөн ыла Биллэр буолбаат! П. Тобуруокап

9 этии #

Нууччалыы Скоро, не задерживаясь, не заставляя долго ждать

  • Өр-өтөр буолбата - өр буолбата, тардыллыбата Кыыс, кырдьык, өр-өтөр буолбакка Бар дьону соһуччу соһутта.
    С. Данилов
  • Үөтүгэн төрдүгэр Өр-өтөр буолбата, Болдьохтоох курдук балык Бу устан тиийэн кэллэ.
    В. Чиряев
  • Өр өтөр буолбата, хара-бараан сирэйдээх, мааны киһи кирилиэскэ тахсан, норуокка тоҥхоҥноото.
    П. Филиппов
Өссө холобурдар (1)
  • Тюрк. үр

«Ө» буукуба