Перевод с якутского
абар
туохтуур
Нууччалыы чувствовать досаду, раздражение
English be annoyed
1 туохтуур #
Кыһый, кыйахан
Нууччалыы Чувствовать досаду, раздражение
Биэс-алта эр бэртэрээ иҥнэри анньаары чырастаһаллар да, хамсаппаттар. Ону көрөн Күүстээх Уйбаан абара санаабыт. И. Бочкарев "Эйигин көрдүү сылдьабын!" - диэтэ Сэмэнчик, абарбыт киһи быһыытынан. Н. Неустроев Илиитин таһынан уутун ыһаат, абарбыт, кэҥээбит хараҕынан кынчарыйан кэбиһээт, тыраахтарын диэки суһаллык хааман сукулдьуйа турбута Н. Габышев
2 туохтуур #
Олус кыыһыр, кырыгыр, өһүөннээхтик быыппаһын
Нууччалыы Досадовать, возмущаться, злобствовать, быть в большой ярости
Василий Егорович кэпсии олорон ис-иһиттэн абаран, быыппастан кэллэ. Софр. Данилов. Олус абаран, хаана-сиинэ алдьанан барда. А. Сыромятникова Буруйа суох тохтубут хаан иһин иэстэһэр өй киирдэ. Абардым. Дьуон Дьаҥылы. Арамаан өлөрүн-тиллэрин билбэт гына абаран, утары дьорҕойон кэбиһэр Амма Аччыгыйа