Перевод с якутского
алын
даҕааһын, аат тыл, туохтуур, сыһыат
Нууччалыы просачиваться, проступать, выступать (о жидкости); быть сильно увлажненным, наполненным жидкостью
English lower
Ис хоһооно · 8
1 туохтуур #
Быыһылаан, чаалыйан өтөн таҕыс; убаҕаһынан туолан тохтубат эрэ гына, бычалыйан тур
Нууччалыы Просачиваться, проступать, выступать (о жидкости); быть сильно увлажненным, наполненным жидкостью
Үөһэттэн сэллээбэт ардах түһэн, аллараттан уу аллан -- хаайыылаахтар дьагдьайа тоҥон бардылар. П. Филиппов Сүрдээх ардахтаах сайын буолан, сир-дойду барыта уунан аллан турар. ХС Улахан көҥүс, Угуттуу аллан, Быйаҥнаах уутун Бысхаччы аспыт. Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
Тиритэн көлөһүннэрэ аллыбыт аттар ыарахан таһаҕастаах тэлиэгэлэри умса дьулурутан истилэр Эрилик Эристиин
2 туохтуур #
Өлгөмнүк, дэлэйдик өрө дэбилий, бараммакка куруук тахса, элбии тур (үксүгэр быйаҥ, ас-үөл туһунан)
Нууччалыы Появляться, как бы извергаться в изобилии, быть неиссякаемым и обильным (обычно о достатке, урожае, продуктах)
Күүстээх-уохтаах Көлүөнэ дьонноруом, Араҕас илгэ Алларын курдук Ахсаабакка үлэлээҥ! Саха нар. ыр. III. Аммаҕа Маталах хочото Араҕас арыынан алынна. Күннүк Уурастыырап Аан ийэ дойдубут араҕас далбара Олоҥхо маһыныы ас алла турдун С. Васильев
3 этии #
Сыанан-арыынан (сыа-арыы, арыы) алын көр сыа-арыы
4 аат тыл #
Туох эмэ сир диэки өттө, намыһах өттө эбэтэр түгэх өттө
Нууччалыы Низ, основание, нижняя часть чего-л
Саллаат орон аннын көрөр, хотоҥҥо киирэн көрдүүр. С. Ефремов Тиэтэйбит сыарҕа сыыр анныгар хаалар. И. Гоголев Уу аннынан муоста тутуллубут Т. Сметанин
Өссө холобурдар (3)
Хоруу түгэҕин алын кырыытынан [сүүрүк] дьөлө хаһан, тоҕой сири тоҕо сиэлийэн кэбистэҕэ дии. Амма Аччыгыйа Бэргэһэтин устан баран чэчэгэйин туттан көрбүтэ: куйахатын алын кырыытынан уҥуоҕуттан кыһарыйа хайа ыстанан хаалбыт. Эрилик Эристиин Сүөдэр аргыһа туох да диэн хоруйдуон булумуна ыксыыр, сонун оноотун алын бүүрүгүн эрийэр-мускуйар Н. Якутскай
5 даҕааһын #
Аллараа өттүнээҕи, намыһах эбэтэр түгэх өттүнээҕи
Нууччалыы Находящийся у основания или нижней стороне, на дне
6 даҕааһын #
Аллараа кэрдиискэ турар, алларааҥҥы
Нууччалыы Низший, младший; первичный
Алын чыын. Алын бэчээт. Туохха барытыгар оттомноохтук сыһыаннаһар, алын чыыннарыгар сымнаҕас эписиэр быһыытынан [Гавриил Иванову] ытыктыыра. А. Данилов Куймугур кутурук куобаҕы Аһылык чааһынан дьаһайар Алын соҕус үлэҕэ Анаан кээспиттэр П. Тобуруокап
7 сыһыат #
суолт. Аллара диэки, намыһах эбэтэр түгэх өттүн диэки (диэкинэн)
Нууччалыы Внизу; низом; на дне
Куркуру, хапчааны төлө көтөн тахсан, иирбит дохсун дьулусханынан алын устар.
Ч. АйтматовҮйэлэрин тухары дьахтары бэйэлэриттэн алын саныы, биир тыла суох бас бэриннэрэ үөрэммит эр дьон дьахтар тэҥ бырааптаннаҕына, кэргэннии олох айгырыан курдук толкуйдууллара ФЕВ УТУ
8 этии #
Нууччалыы Побеждать, уничтожать врага раньше, чем уйти из жизни (умереть). [Казаков:] Эйигин [Киириги] анныбар баттаан баран өлүөм
Этиилэр
Алын сыҥаах буол көр аллараа сыҥаах буол
Лобуох уус алын сыҥаах буола олордо. Күннүк Уурастыырап “Чахчы барбыттар дуо?” - диэн итини истээт, Үргүлдьү алын сыҥаах буолла. А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (4)
Дьуона кинээс аны суруксутугар алын сыҥаах буолар. Н. Якутскай Анныгар баттаа - өлүөҥ иннинэ өстөөххүн кыай, ситис С. Ефремов “Ама атаспын анныбар баттаатым ини,” - диэн уһун түүнү мэлдьи быһа ыаспайдаата.
П. ОйуунускайСр. тюрк. алтын ‘низ’