ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

түгэх

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы дно; основание

English bottom, base

Ис хоһооно · 9

1 аат тыл #

Нууччалыы дно; основание

English bottom, base

  • иһит түгэҕэ
    дно посудыthe bottom of the dishes

2 аат тыл #

Нууччалыы основа

English basis

  • уу түгэҕэ
    источник водыwater source

3 аат тыл #

Туох эмэ (хол., уу, оҥхой сир) анна, алын хаама

Нууччалыы Дно, глубина чего-л. (напр., водного пространства, какого-л. углубления)

  • Ол көрдөөн, Килиими уу түгэҕиттэн булан ылбыт.
    Суорун Омоллоон
  • Көҥүс түгэҕэр сырдык уу сыккыстыы сүүрүгүрэр.
    М. Доҕордуурап
  • Быһыты түгэҕинэн, өрүс уҥа кытылыттан хаҥас кытылыгар диэри курдары хаспыттар
    Чолбон
Өссө холобурдар (3)
  • Айдар түгэх хоско хаартыска көрө олордоҕуна, Мылаахап тэлэкэччийэн кэлэн, аттыгар олоро түстэ.
    Н. Лугинов
  • Тоҕо эрэ түгэх паартаҕа олорор үгэстээҕэ
    С. Федотов
  • Ыраах, тэйиччи сытар (сири-дойдуну этэргэ). Θ Отдалённый, находящийся в глубинке (о местности). Ити кэмҥэ Бүлүү уокуругун түгэх улуустарыттан – Сунтаартан, Хочоттон – үөс сирдэргэ көһүү, үөрэххэ тардыһыы күүһүрбүтэ
    Чолбон

4 аат тыл #

Түох эмэ оҥоһук алын өттө биитэр алын сабыыта

Нууччалыы Нижняя стенка или дно какого-л. изделия, предмета

  • Айаныгар кэтэр куобах өрөҕөтө куллукатын, алҕаһаан, хааһаҕын саамай түгэҕэр уктан кэбиһээхтээбит.
    Н. Заболоцкай
  • Биһиги сотору бастакы болуоппут түгэҕин оҥорон бүтэрдибит
    Н. Габышев
  • Сахалыы ытарҕа салбырҕаһа. Θ Подвески у якутских серьёжек. Ытарҕатын түгэҕэ эмиэ таастардаах.
Өссө холобурдар (1)
  • Иэмэххэ кэтэрдиллэр салбырҕаһа түгэх диэн ааттанар
    СНЕ ӨОДь

5 аат тыл #

Туох эмэ уһук, улаҕа өттө

Нууччалыы Дальняя часть, сторона, глубина чего-л

  • Тэйиччи соҕус, түгэххэ биир дьиэ хаалла.
    Амма Аччыгыйа
  • Күөрэгэй ким да көрбөт сиригэр, хотон түгэҕэр, манньыаттарын көмөн кэбистэ.
    Т. Сметанин
  • Сомсуон үгэһинэн, биир билэр киһитин көрсөн, түгэххэ миэстэ булан олорбуттара
    Чолбон
Өссө холобурдар (2)
  • Ханнык эмэ сир, дойду саамай ыраах, уһук өттө. Θ Самая дальняя окраина какой-л. местности. Эмиэ бу дойду түгэҕэр быраҕыллан хааллаҕым.
    Н. Неустроев
  • [Семёнов:] Ол Бүлүү түгэҕиттэн эйигин куоракка туох хостоон аҕалбыт үһү, түөкүн, соруйан сымыйалыы тураҕын
    С. Ефремов

6 аат тыл #

Киһи өйүн-санаатын (сүрэҕин-кутун) саамай улаҕа өттө

Нууччалыы Дно, глубина чего-л. (напр., сердца, души, сознания) у кого-л

  • Дууһам түгэҕэр туох эрэ төлө барда; сүрэҕим мөҕүл гынан ылла – туох эрэ умнуллубут өйдөнөн кэллэ.
    Далан
  • Сүрэҕим түгэҕэр нуучча суруйааччыларын тапталлаах мөссүөннэрэ иҥэн сылдьаллар.
    Амма Аччыгыйа
  • Айылҕаҥ сыта-сымара кутуҥ түгэҕэр туохха да булкуспакка эрэ сөҥө сылдьар
    Н. Лугинов

7 даҕааһын #

Тэйиччи, улаҕа өттүгэр баар

Нууччалыы Находящийся позади, задний

8 этии #

Нууччалыы Хранить что-л. на дне чего-л

Этиилэр

Иһин түгэҕиттэн көр ис IV

  • Үрүҥүнэн-харанан көрдө, Иҥиир ситиитин тартаран, Иһин түгэҕиттэн эҥсэлийдэ.
    П. Ойуунускай

Иһин түгэҕэр көр ис IV

  • Киһитэ, икки хараҕын уутун сотто-сотто, иһин түгэҕэр ботугураата.
    П. Филиппов
  • Иһим түгэҕэр тугу эрэ ботугураатым.
    Т. Сметанин

Көп түгэҕинэн көр көп II

  • Балтым иһитин көп түгэҕинэн дьэдьэни булбут.

Көп түспүт көр көп II

  • Уута көп түгэҕэр түһэн хаалбыт.
  • [Баай оҕонньоттор] биир хаан өстөөхтөрө Уоттаахап тутуллубатаҕыттан көп түһэн, быһаҕас үөрэн олороллор.
    Н. Түгүнүүрэп

Оһоҕос түгэҕэ (түгэҕинээҕи) оҕо көр оһоҕос

  • Кыыс, биир үксүн оһоҕос түгэҕинээҕилэрэ буолан, көҥүллүк улааппыта. Ойуку.

Сир (аннынан) түгэҕинэн көр сир II

  • [Най:] Дьон, сири түгэҕинэн кэпсэтэн, биир киһиэхэ күтүрүүр эбиттэр.
    Суорун Омоллоон
  • Түгэҕин буллар кэпс. – тугу эмэ кичэйэн ыраах уур, кистээ Эһэлээх эбэтэ, судаарыстыбаттан ый аайы биэнсийэ аахсан, дьааһык түгэҕин буллараллар.
    И. Аргунов

Түгэх түс

наһаалаа, аһара бар.

Перейти границу дозволенного, перебарщивать.

  • Көнөр суолга үктэниэхтэрин баҕарбаттар, эбии түгэх түһэллэр.
    И. Федосеев
  • Кырдьыгынан быһааран биэрэрин оннугар, өссө кини өһүргэнэ, түгэх түһэ турар.
    Г. Колесов

Үөдэн түгэҕинээҕини үөт

былыр үйэҕэ умнуллубуту аҕын.

Вспоминать старое.

  • Ээ, бу да киһи, аата, үөдэн түгэҕинээҕини үөттэххиний. Үөдэн түгэҕэ кэпс. – кый ыраах, кый бырах. соотв. у черта на куличках. Сыарҕалаах ат, аан туманы олбохтонон, ханна эрэ үөдэн түгэҕэр көтөн эрэргэ дылы.
    А. Фёдоров
  • Эмискэ хонуу уҥуоргу уһугуттан, үөдэн түгэҕиттэн иһиллэр курдук саҥа нэһииччэ иһиллибитэ.
    ХС
Өссө холобурдар (2)
  • Ньүкэн түгэҕэ (төрдүгэр) фольк., көр ньүкэн. Бу үөдэн түгэҕиттэн туох хостоон таһаарыа этэй миигин?
    Саха фольк
  • Алдьархайдаах саахталар Аат айаҕын курдук Айахтара аҥастылар, Үөдэн түгэҕин курдук Дьөлүтэ көҥүрүстүлэр. Өксөкүлээх Өлөксөй

9 этии #

Нууччалыы Нижняя часть, низ живота

Этиилэр

Бугул түгэҕин харбааччы көр бугул

  • Бугул түгэҕин харбааччылар бүтэ оҕустулар.

Ис түгэҕэ

киһи-сүөһү иһин аллара өттө Иһин түгэҕэ ыалдьар.

  • Кылгас хара сонун иһин түгэҕинэн куйҕаччы курдаммыт.
    Эрилик Эристиин
  • Эҥээрин түүтэ бүтэн, лаҕыыр курдук хара сарыы буолбут арбаҕаһын иһин түгэҕинэн тирбэҕэ быанан бобо тардыммыт. Тумарча. Фёдор Дмитриевич өссө иһин түгэҕинэн саҥарар дьикти идэни баһылаата.
    Т. Сметанин

От (бугул) түгэҕэ

кэбиһиилээх оту, бугулу ыллахха хаалар от харбааһына.

Остатки сена на месте копны, стога.

  • [Эркээйи:] Илбиһи иҥэртэрдэххинэ аҕаҥ курдук хаардаах от түгэҕин саҕа Хара өһүөн олбохтонуоҥ.
    И. Гоголев
  • Кыра Бөтүрүүс бугул түгэҕэ харбаан лоппордуур.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
  • Чаҕыл [уол аата] Таммаҕа бардаҕына от үлэтигэр кыттара, бугул түгэҕин харбыыра.
    И. Федосеев

Көп түгэх

түгэҕэр көбүччү кутуулаах (хол., иһити этэргэ).

Наполненный чуть ниже середины (напр., о посуде).

  • Үрүҥ маайкалаах уол көп түгэх балыктаах солууру күүлэҕэ киллэрдэ, күөгүтүн эркиҥҥэ өйөннөрдө.
    А. Фёдоров

Сир түгэҕэ

Сир алларааҥҥы дириҥ өттө, дириҥ араҥата.

Глубинная часть Земли под её поверхностью, недра.

  • Артиллерия тыаһа сири түгэҕинэн ньиргийэр. ИИФ ИДЫК. Ыстаансыйа дьиэтэ эмиэ ол таас хайа иһигэр отут миэтэрэ дириҥ сир түгэҕэр оҥоһуллуохтаах.
    Суорун Омоллоон
  • Түгэҕэр түс кэпс. – быһаҕас түс, уол. Вваливаться, становиться впалым (напр., о глазах); остаться на дне чего-л. (напр., о ягоде). Дьэдьэним сыыһа ууллан иһитим түгэҕэр түһэн хаалбыт.
Өссө холобурдар (1)

Түөс түгэҕэ

түөс алын өттө (тыҥа диэкинэн).

Нижняя часть грудины (в области лёгких).

  • Аанчык түөһүн түгэҕиттэн таһаарар ыраас куолаһа наҕыллык лыҥкыныыр.
    Амма Аччыгыйа
  • Тюрк. түп

«Т» буукуба