Перевод с якутского
атта
аат тыл
Нууччалыы в форме дательно-местного падежа употребляется при обозначении предмета, возле которого совершается действие (вблизи, в…
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
көмө аат
Ойуур саҕатыгар, оттоох күрүө аттыгар отуу уота чаҕылыйар.
КүндэБары кинилэр аттыларыгар бөлүөҕүстүлэр. Эрилик Эристиин Туус үллэр сирин аттыгар эмтээх бырыылаах күөллэр бааллар И. Данилов
2 аат тыл #
түһүк форматыгар хайааһын хайа эмэ предмет ыксатыгар, таһыгар буоларын көрдөрөр
Нууччалыы В форме дательно-местного падежа употребляется при обозначении предмета, возле которого совершается действие (вблизи, возле, у, около, подле)
3 аат тыл #
түһүк форматыгар хайааһын ханнык эмэ предмет таһыгар туһуламмытын көрдөрөр
Нууччалыы В форме дательно-направительного падежа употребляется при обозначении предмета, возле которого совершается действие (к, на, в)
Микиитэ мүччү көтөн ийэтин аттыгар баар буолан хаалла. Амма Аччыгыйа Бу икки ардыгар икки куртуйах адьас мин аттыбар кэллилэр.
Суорун ОмоллоонАрыт эн аттыгар кэлиэхпин толлобун даҕаны С. Ефремов
4 аат тыл #
Таһаарыы түһүк форматыгар хайааһын хайа эмэ предмет таһыттан, ыксатыттан тахсарын, тэйэрин көрдөрөр
Нууччалыы В форме исходного падежа употребляется при обозначении предмета, от близости которого исходит, совершается действие (от, с, у, возле)
Иванов комендант уонна сүүстэн тахса пограничниктар эргэ саахта аттыттан хаҥас тумулга диэри кыраныыссаҕа киирэн маныыллар. Н. Якутскай Уҥа орон аттыттан тимир күрдьэҕи илдьэн биэрэр. Н. Неустроев Света түс-бааччы туттан, ийэтин аттыттан арахпатын хайгыы санаата
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (2)
Хайааһын туох эмэ таһыгар буоларын көрдөрөр дэгэттэнэр. Θ Имеет оттенок указания, что действие совершается в непосредственной близости кого-чего-л. Мин уу аттыттан ойон турбутум уонна үрдүлэринэн ыппытым. Н. Якутскай Кинээһи кэмниэ кэнэҕэс, Болот торбосторун уулата сылдьан, ойбон аттыттан булан дьиэтигэр илдьэн өрүһүйбүтэ Н. Заболоцкай
5 аат тыл #
Туттуу түһүк форматыгар хайааһын ханнык эмэ предмет ыксатынан, таһынан буоларын көрдөрөр
Нууччалыы В форме орудного падежа употребляется при обозначении предмета, около которого совершается действие (мимо)
Икки мэндиэмэннээх таас маҕаһыын аттынан аастылар. Амма Аччыгыйа Бу айан киһитэ кинилэр аттыларынан ааһар айан суолун тутан иһэр. Эрилик Эристиин Оһох иннинэн, остуол аттынан Оҕо төбөтө күкээрийбэт буоллаҕына,- Унаар буруо субуруйбатын даҕаны. С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
Тэҥн. ыксата