Перевод с якутского
баарыс
аат тыл
Нууччалыы парус
English sail
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Нууччалыы парус
English sail
баарыс туртайар парус белыйthe sail is white
2 аат тыл #
, кэпс
3 аат тыл #
Тыал үрэр күүһүнэн барар хараабыл мачтатыгар тиириллэр халыҥ таҥас
Нууччалыы Парус. Баарыстарбытын кэннибититтэн үрэр тыал тиирэ киэптиир. Н. Якутскай. Кылбаҥнааҥ, кылбаҥнааҥ, баарыстар, Кырыйыы көмүсчэй кынаттар, Үөр хопто буолаҥҥыт сапсынаат, Үөмэхтэс долгуну сырсаҕыт. М. Ефимов. Ханна эрэ күөх муораҕа Туналыйаллар баарыстар, Мин туолбатах дохсун баҕа Санааларым быһыылаахтар. И. Гоголев
4 аат тыл #
Баарыһынан барар оҥочо, яхта уо. д. а
Нууччалыы Парусное судно
Маннык бэйэлээх баһаам уулаах, күүстээх сүүрүктээх өрүһү сатаан туһамматтар, борохуоттааҕар буолуох, баарыһынан сылдьар ньыманы билбэккэ, таһаҕаһы сайын ындыынан таһаллара. П. Филиппов Икки күөл күөх урсун иэннэрин көрөбүн. Онно арыт балыксыт баарыһа маҥхайар.
А. ПушкинБаарыспыт хоптолуу устан Күөрэҥнээн иһиий, Аргыс тыал эбии дьалкытан Күүһүрдэн биэриий Н. Босиков
5 аат тыл #
, хаарты. Хаарты оонньуутун аата (алталыы хаартынан сүүс биир хараҕы сабыахтарыгар диэри оонньууллар)
Нууччалыы Сто одно (карточная игра шестью картами: побеждает тот, кто первым набирает сто одно очко)
Ол быыһыгар саамай таптыыр оонньуутун, баарыһы, эмиэ умнубатылар. Н. Заболоцкай Тугу гыныахха - баарыста туруоруҥ Н. Габышев