ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бочур

даҕааһын

Нууччалыы бахромчатый и густой, растущий густой бахромой

даҕааһын

, поэт. Хойуутук бочугураан көстөр (сайыҥҥы мас-от сэбирдэҕин, сибэккини хоһуйан этии)

Нууччалыы Бахромчатый и густой, растущий густой бахромой (о летней листве и цветах)

  • Суол икки өттүнэн күөх бочур сэбирдэхтэрдээх тэтиҥнэр, лиҥкинэспит тииттэр элэгэлдьиһэн ааһаллар. НЕ ТАО. Мин тайҕам тииттэрин Күөх бочур киистэлэрэ - Кыыс хараҕын кыламаннара, Дьол, үөрүү сырдык миччээрдэрэ. Чэчир-80. Оттон бочур сибэкки ботугураан Кэпсииргэ дылы этэ эйигин, Эн Күүппүккүн... Онтон саараан Өр ытаабыккын
    С. Данилов
  • Оннук сэбирдэхтээх, мутукчалаах (хол., тыа). Θ С такой листвой или хвоей (напр., о дереве, лесе). Сарсыарда. Күөх бочур ойууру кырыйа Тыаһа суох дьылыйан иһэбин. Сииктээх көп лабааны арыйа-арыйа, Сөрүүн тыа иһигэр киирэбин. Дьуон Дьаҥылы. Уулаах отон бочур угун Сайҕаан ааста сүүрээн, Кымырдаҕас оргулун Үрэйдэ мэнигилээн
    И. Гоголев

«Б» буукуба