ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

былаа

даҕааһын, туохтуур

Нууччалыы смешивать что-л. с чем-л

English arch. long

I

1 туохтуур #

Тугу эмэ атыны кытта холбоон булкуй

Нууччалыы Смешивать что-л. с чем-л

  • Күөх окко суулаатахха, атыыр оҕус сыллаабат; сыаҕа былаатахха, ыт сымсайбат (өс хоһ.). Хатыҥ саҥардыы үүнэн эрэр сэбирдэҕин симэһинин квасцыга былаатахха, бэртээхэй диэн мутукча күөҕэ өҥнөөх кырааска тахсар.
    Суорун Омоллоон
  • Хаппыт лэппиэскэни тууйастаах суоракка былыы-былыы, аһаабытынан бараллар.
    А. Федоров
  • Сайын кииһилэни уонна эҥин араас оту хомуйан балыгы кытта былаан өллөнөллөрө.
    ДФС КК

2 туохтуур #

Лаппа баһый (тустан, сүүрэн эҥин)

Нууччалыы Намного превосходить, легко одолевать, осиливать (в борьбе, беге и т. п.)

  • “Оо, сүрдээх киһи эбит, доҕоор, биһиги дьоммутун былаан көрүө суох!” - диэн дьулайбыттарын биллэрэллэр.
    ХС
  • Ср. тюрк. дулҕа, монг. була 'мешать, смешивать'
II

3 даҕааһын #

Уһун

Нууччалыы Длинный. Былаа киһи. ПЭК СЯЯ. Былаа илиилээх-атахтаах киһи. ПЭК СЯЯ. Утар. кылгас

«Б» буукуба