Перевод с якутского
бэрт
сыһыат, даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы прекрасный, превосходный, отличный; наилучший
English very
Ис хоһооно · 8
1 даҕааһын #
Олус үчүгэй, атыттартан уһулуччу үчүгэй, туйгун
Нууччалыы Прекрасный, превосходный, отличный; наилучший
Бэрт киһи бэргэһэтэ баар үһү (тааб.: сүүтүк). Тиэтэйбит [киһи аата] барыларыттан уһулуччу ат бөҕө, кус быһый, туруору да дьүһүнүнэн бөҕөҕө мөссүөннээх, быһыйга быһыылаах олус бэрт киһи эбит. Эрилик Эристиин “Дьэ, бэрт ас эбит”,- диир Мааппа эмээхсин, ол эрээри олус сымсайбатаҕа таһыгар көстөр Далан
2 этии #
Бэрдэ буол түөлбэ - киһиргээ, киэмсий, киэбир Бэркэ гыннар - саамай улааттаҕына. Самое большее. Бэркэ гыннар мөҕүөҕэ. 2. аат суолт. Ким, туох эмэ бастыҥа, чулуута. Лучший, выдающийся человек, лучшая, отборная часть чего-л. [Эккирэтээччилэртэн] биир саамай бэртэрэ буолан, тыаҕа тахсан бултаһарга соруммут күрүөйэхтэрин болҕойбокко, биир киһи саба сүүрдэн кэлэн кэбистэ. Эрилик Эристиин. Муустаах муора ахсым Буурҕаларын кыайан, Элиэнэнэн устан, элбэх куруус уктан, Бэртэн ордук бэрт аал “Пятилетка” кээлтэ. Күннүк Уурастыырап. Дьон хоһууттара, бэртэрэ мустаннар тохтотоору баһыгар оҕуур быраҕаллар, ону быаларын быһыта көтөн иһэр. Саха фольк
Нууччалыы Хвастаться; кичиться, вести себя высокомерно
3 этии #
Бэрдэ биллибэт - үчүгэйэ-куһаҕана биллибэт Кээмэйтэн, кыахтан, кэриҥтэн тахсардык, аһара. Слишком, чересчур. Сайын биир бэрт кураан күн Талкы оҕонньор, Чыычааҕы дьиэтигэр таһыттан баттатан кээһэн баран, отугар барда. Күндэ. Саха норуотун былыргы ырыаларыгар, олоҥхотугар сэһэннэригэр айыылар бэрт элбэхтик ахтыллаллар. Саха фолькл
Нууччалыы Хорошо ли, плохо ли (неизвестно). 3. сыһ. суолт
4 #
эб
Байбал санаатыгар, [Марба] сирэйинэн да үчүгэйэ бэрт.
КүндэДьөгүөр да оҕонньор өлбүтэ дөбөҥө бэрт. Н. Якутскай Ол гынан баран, түмүккүт куһаҕана бэрт. В. Яковлев
Өссө холобурдар (4)
Биһиги холкуос кырабыт бэрт М. Доҕордуурап Бу суолтаҕа даҕааһын суолтатын толорор аат тыллары кытта эмиэ туттуллар. Θ В этом значении употребляется и существительными в функции прилагательного. Манна тымныыта бэрт эбит. Амма Аччыгыйа Хайа, оҕото бэрт, үөрүйэҕэ суоҕа бэрт буолбат дуо? С. Ефремов Алып Хара бухатыыр аба-кубулҕата бэрт үһү дииллэр Ньургун Боотур
5 #
иирэ буолбут даҕааһыннары кытта бэлиэ, хаачыстыба үрдүк таһымнааҕын көрдөрөр
Нууччалыы С прилагательными, выступающими сказуемыми, выражает высокую степень качества, признака
6 #
Билиҥҥи, ааспыт кэмнээх аат туохтуурдары кытта туттуллан, хайааһын олус күүскэ оҥоһулларын, кини чахчы буоларын бэлиэтиир хабаанынан көрдөрөр
Нууччалыы С причастиями настоящего и прошедшего времен выражает чрезмерную силу проявления действия, усиливая его достоверность
Сылайбыта, уута да кэлбитэ бэрт. А. Софронов Оҕо сылайбыта, уутугар өлбүтэ бэрт буолан илииттэн илиигэ ылалларын, ороҥҥо сытыарбыттарын билэн да көрбөт. Н. Якутскай Бар, бар, эдэр киһи үлэлээ. Үлэһит тиийбэт дии-дии айдаараллара бэрт. С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
Бодоруспутум бэрт буоллаҕа Быыкаайык эрдэхпиттэн! Баал Хабырыыс
7 #
ан сыһыат туохтууру кытта саҥарааччы оннук буолбатах диэн экчи этиитин, аккааһын, утарыытын көрдөрөр
Нууччалыы С деепричастиями на -ан выражает резкое отрицание, отказ, возражение говорящего
"Ыраахтааҕыттан куттамматах киһи эн Сыҕаайап кинээскиттэн куттанан бэрт!" - дии хаалла Охоноос. Амма Аччыгыйа Кинилэр сөбүлүүллэригэр, сөбүлээбэттэригэр кыһаллан бэрт. Софр. Данилов. Ылан да абыраабатын, аны киниэхэ уһаты [утары] уунан бэрт М. Попов
8 #
тыллары кытта предмет баһаамын, элбэҕин көрдөрөр
Нууччалыы С именами существительными передает множество, большое количество предметов
Кумаара бэрт буолуо. Кумаар сиэтэр эрэ, мин этим барыта бааһыран тахсар. Далан Бу күөл ото бэрт буолан муҥхаламмат, хата, сайын куһа бэрт. ХС Быйыл сорох оройуоннарга хаара бэрт буолан, сылгы хаһан аһыырыгар кытаанахтар үөскээтилэр. “ Кыым
Өссө холобурдар (9)
Бу да, атын да суолталарыгар үгүс эбиискэлэри кытта саҥа эбиискэни үөскэппэккэ эрэ сэргэстэһэ туттуллар. Θ Сочетается со многими частицами, не сливая с ними свою семантику. Эчи, куорат дьоно холкугут да бэрт. С. Ефремов Оннук, оннук. Өйдөөбөтө бэрт дуу, соруйан дуу. Далан Сатаатахха, хараҥата да бэрт.
Суорун ОмоллоонХайа, кыһыыта бэрт ээ. Софр Данилов Этэ эбиискэни кытта силбэһэн туттуллуон сөп. Θ Может употребляться с частицей этэ. Куораппыт Туймаада киэҥ нэлэмэн хонуутугар, күөхтүҥү тумарыкка көстөрө кэрэтэ, үчүгэйэ бэрдэ Н. Якутскай Салаа этии кэпсиирэтин кытта туттуллан, түһүк сыһыарыытын ылыан сөп. Θ Употребляясь со сказуемым придаточного предложения, может принять на себя аффиксы падежа. Чэ, ол гынан баран, хаайбытын бэрдиттэн кэпсиирбэр тиийэбин дуу, хайдах дуу. ХС Сиэллээхэп киирэн аһаспыта эрээри, сэрэҕэ бэрдиттэн тыҥаан турар быһыы-майгы туһунан тугу да саҥарбатаҕа. Р. Баҕатаайыскай Бэйэтэ улахана даҕаны, бөҕөтө даҕаны бэрдин үрдүгэр, бардама бэрт буолан, ким да утары көрбөт этэ. Эрилик Эристиин Мин ону хайҕаабаппын буолан баран, ыстырыыстыыра бэрдин тулуйумуна, охсон турар Н. Якутскай