ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

далааһын

аат тыл

Нууччалыы широта размаха

1 аат тыл #

Туох эмэ далайыытын киэҥэ; далайыыта төһө ырааҕы ылара

Нууччалыы Широта размаха (крыльев, рук)

  • Бастакы хотуур далааһыныгар эттэрин-сииннэрин ибили оҕустарбыт отчуттар сылааларын умнан тураннар кэпсээни биһирээн иһиттилэр.
    А. Бэрияк
  • [Көтөр ыттар] кынаттарын далааһына балтараа миэтэрэҕэ тиийэр. ББЕ З. [Мичээр] хотуурун кылаанын тарбаҕын төбөтүнэн бигээн көрдө, бастакы далааһынын дайбаата
    В. Тарабукин

2 аат тыл #

Ханнык эмэ үлэ, дьыала төһө киэҥник, күүскэ ыытыллара

Нууччалыы Охват, широта, объем какой-л. деятельности, работы

  • Мин Улан-Баторга тутуу киэҥ далааһынын сөҕө-махтайа көрбүтүм.
    И. Федосеев
  • Автобазаҕа үлэтин далааһына да сүрдээх киэҥ: тырааныспарынан бүтүн уобалаһы хааччыйар. Софр
    Данилов

«Д» буукуба