ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьаакыр

аат тыл, даҕааһын, туохтуур

Нууччалыы якорь

English anchor

Ис хоһооно · 9

1 аат тыл #

Нууччалыы якорь

English anchor

  • дьаакыры түһэр
    брось якорьdrop anchor

2 аат тыл #

Нууччалыы грузило

English sinker

  • күөгү дьаакыра
    грузило для удочкиa sinker for a fishing rod

3 аат тыл #

Нууччалыы ноша

English burden

  • кини миэхэ дьаакыр буолар
    он мне в тягостьs/he is a burden to me
I

4 туохтуур #

Көтөхтөр, ыр, иин-хат (ыалдьан эбэтэр ас тиийбэтиттэн)

Нууччалыы Худеть, хиреть, сохнуть (от болезни или недоедания)

  • Быйыл, муус тоҥот буолан, сылгы үксэ дьаакырбыт.
  • Дьаакыран ыалдьыыга кырдьыы холбостоҕуна өй-санаа да көтөр.
    А. Сыромятникова
  • Ынах сүөһү бородууксуйата намыһаҕа, дьаакырара үксүгэр от састаабын билбэттэн тахсыталыыр. "Кыым". Тэҥн. йаҕыр ‘ссадина на спине верхового животного от седла’
II

5 аат тыл #

Уу аалын тохтотор, биир сиргэ тутар аналлаах сыаптаан түһэриллэр, баҕыырдардаах ыарахан тимир

Нууччалыы Металлический стержень с лапами, укрепленный на цепи и опускаемый на дно для удержания на месте судна, якорь

  • Борохуот эмиэ Үөгүлүү түстэ, Дьаакырын тардан, Эрдинэн кээстэ. Эллэй. Дьаакыры көтөҕөн, бөҕө тимир иилэҕэһи хабырыннардылар.
    Амма Аччыгыйа
  • "Победа" теплоход сарсыарда алта чааска дьаакырын көтөҕөн, ыраах айаҥҥа турар
    Н. Якутскай

6 аат тыл #

Сүүрүктээх ууга күөгүгэ, илимҥэ, бэрэмээккэ туттуллар таас, тимир, кирпииччэ, о. д. а ыарык

Нууччалыы Грузило из чего-л. тяжелого, применяемое в проточной воде для удочки, сетей, перемета

  • Дохсун сүүрүктээх хайа өрүстэрин төрдүлэригэр илими, таастыганын оннугар бүтүн кирпииччэлэринэн дьаакыр оҥорон, сүүрүгү туора үтэллэр.
    ХС
  • Күөгү кыра дьаакыра уу түгэҕин булуон да иннинэ, боруопканан оҥоһуллубут дагдайар бэлиэ тимис гына түстэ.
    ХС
  • Абатыттан көтүөхчэ чөрөһөн олорор кустары мончуук дьаакырынан быраҕан кыыратта
    Кыым
Өссө холобурдар (2)
  • Алта уолан киһи аччаччы тэбэн туран аҥаппатах алтан дьаакыр ааннаах. ПЭК ОНЛЯ I. Кинийдэх диэтэх киһи Ампаарыгар сүүрэн батыччахтаан тахсан, Алталаах атыыр сылгы баһын саҕа Алтан дьаакыр күлүүһүн Күл курдук үлтү анньан кэбиспит.
    Күннүк Уурастыырап
  • Полковник дьаакыр сутуруга саллаат сыҥааҕар саалынна. Софр
    Данилов

7 аат тыл #

Ыарык, мэһэй-таһай

Нууччалыы Тягость, обуза, гнет

  • Мөлтөх, куттаҕас киһини [кыһыҥҥы тыаҕа] саа да абырыа суоҕа, тимир дьаакыр буолан, таҥнары баттыаҕа.
    Амма Аччыгыйа
  • Ол саҕана баттал дьаакырдарын Мин тулуйбакка ытыырым.
    П. Тобуруокап
  • Күндү түүлээҕинэн дьаһаак тардыытын хайдах да кыайтарбат буолбут ыар дьаакыра үлэһит дьону кубулуйбат кулут, уларыйбат умнаһыт оҥорбуттара
    ХС

8 даҕааһын #

суолт. Олус ыарахан, ыар

Нууччалыы Очень тяжелый, увесистый

9 этии #

Нууччалыы Обосноваться, закрепиться где-л. (соотв. бросить якорь)

Этиилэр

Дьаакыр түһэрин (быраҕын)

сөбүлээн тохтоо, олохсуй Көрдүм – Марат чаайынайга Галька кыыс дьууппатын аттыгар дьаакырын түһэрбит.

  • Оттон бу кытылга букатыннаахтык дьаакыр быраҕыммытым уонча сыл буолла.
    Н. Лугинов
  • Куруук соҕотоҕун сылдьартан туһа тахсыа суох быһыылаах, дьиэ-уот толкуйдаатахха, биир эмэ чуумпу кытылга дьаакыр түһэриннэххэ сатаныыһы. С. Федотов

«ДЬ» буукуба