ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьаам

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы станция на почтовом тракте, на которой сменялись проводники, лошади, подводы

English power, strength

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

истор. Былыр дьону, буостаны таһарга аттары уларытан ааһарга аналлаах ыстаансыйа, ыал олорор сирэ

Нууччалыы Станция на почтовом тракте, на которой сменялись проводники, лошади, подводы

  • Дьаамтан дьаамҥа түһэн, ол дьон Наҕылга түүн тиийэн кэллилэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Кырдал [сир аата] дьаамын олохтоохторо дьону, таһаҕаһы тиэйэн үп булунарбыт.
    Н. Якутскай
  • Урут Дьокуускайтан Өлөөҥҥө диэри буоста дьаамынан (атынан уонна табанан) биир ыйы быһа айаннаан тиийиллэрэ
    ХС

2 аат тыл #

Ханнык эмэ кэм кэрдииһэ, сүһүөҕэ

Нууччалыы Определенный этап времени

  • Хараҥа дьаамнары ааһан, олохпут сырдыкка кээлтин. Эллэй. Кини дьоллоох олох маҥнайгы дьаамыгар хайыы аҕай кэллэ.
    П. Ойуунускай
  • Ким өйдүөй – эдэр саас эйиигин хаһыс сааскар, ханнык дьаамҥа дуу, ханнык тахсыыга эбэтэр түһүүгэ дуу илдьэ аҕалсан баран, аргыһахтаан кэбиһээт, ханна эрэ көппүтүн
    Н. Заболоцкай

3 даҕааһын #

суолт. Дьаамҥа сыһыаннаах

Нууччалыы Ямской. Онто да суох бэҕэһээ дьаам дьиэҕэ ким да суоҕар кэлэн дьону барытын биир угунньаҕа угуталаабыт үһү. А. Софронов. Дьаам ата чуораанынан Чугдаарыйан тиийэн кэлбит. С. Васильев. Уохтаах аттары миинэн баран дьаам суолун устун тилигирэтэ көтүтэн иһэллэр. Күндэ. Русск. ям

4 этии #

Нууччалыы Страдать от расстройства желудка, поносить

  • Дьаамна сүүрт элэк. – иһиҥ ыалдьан элбэхтик тахсан киир Дьоллооҕуҥ кыранан толунан, барбах бу түүнү быһа дьаам эрэ сүүрдэн таҕыста.
    Суорун Омоллоон
  • Бурдук буоллаҕына кини иһигэр киирэн үллүбүтэ чуолкай. Онон кини [эһэ] мохоорботох буоллаҕына, кырата, дьаам сүүртэ буолуохтаах.
    Р. Кулаковскай
  • Олус сыаҥ-арыыҥ ньалҕарыйан эрэр. Хата, бэйэҥ урут дьаам сүүрдэр дьаллыкка ыллараайаҕын. И. Никифоров

5 этии #

Нууччалыы Работать возницей на ямских лошадях, быть ямщиком

Этиилэр

Дьаам сүүрдээччи көр дьаамсык

  • Мэхээлискэ дьаам сүүрдээччи буолан олорор эбит.
    Эрилик Эристиин
  • Чоочо баайтан күрээн, бу дойдуга кэлэн, биир баайга дьаам сүүрдээччинэн киирбитим.
    В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (1)
  • Дьиэлээх Уйбаанча диэн инньэ илин ааһар дьаам сүүрдээччилэр илии-атах киһилэрэ. П. Филиппов

«ДЬ» буукуба