ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьолуо

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы благо, счастье; удача, фарт

Ис хоһооно · 5
I

1 аат тыл #

Туох эмэ үчүгэй тосхойууга; баат, дьол

Нууччалыы Благо, счастье; удача, фарт

  • Дьоллоох илиис Дьолуота үрдээтин!
    П. Ойуунускай
  • Соргута көрдөһөн көрүөҕүҥ, Дьолуота тардыһа барыаҕыҥ [булчуттар кэпсэтиилэрэ].
    Суорун Омоллоон
  • Уол дьолуолаах табаҕайдаах булчут буолан күһүн тиигээнниир сири булларан, дьонун сыл таһааран эрдэҕэ.
    Далан
Өссө холобурдар (1)
  • Биһиги икки сааһырбыт, атахпыт дьолуота бараммыт дьон, эчи, тыаспыт-ууспут да сүрэ бэрт
    Р. Кулаковскай

2 этии #

Нууччалыы Все решит фортуна (фарт)

Этиилэр

Дьолуота (дьолуом) биллин

кыайыыны-кыайтарыыны, дьоһуннаах дьыаланы дьол-соргу, баат быһаардын Кыһыл көмүс сыаҕайы Кыраҕы харахпынан Кыҥаан эрэбин...

  • Дьоллоох илии Дьолуота биллин! Эрчимнээх эрбэх Эҕэрдэтэ биллин!
    П. Ойуунускай
  • Чэ, оччоҕо аны үс хонугунан күн кылбайа тахсыыта Барыкаа оломугар тиийээриҥ! Соллоҥноох ох дьолуота биллин!
    Далан
Өссө холобурдар (1)
  • Ынах буоллар ыҥыраннын.

Дьолум-соргум быата буолуо, Дьолуом биллин!

диэтэ да Дьиэтин диэки тэбиннэ.

  • И. Чаҕылҕан
II

3 даҕааһын #

, фольк. Ханан да туох да иҥнигэһэ суох, килэгир, киллэм, ыраас

Нууччалыы Без каких-л. неровностей, шероховатостей, совершенно гладкий, чистый

  • Атыыр оҕус хабарҕатын быһа баттаабыт курдук тимир дьолуо аартык таҥнары дьулуһуйан түспүт.
    Суорун Омоллоон
  • Муус дьолуо хонуулаах улуу дойду устун тус арҕаа диэки туманныы оргуйан бардаҕа
    П. Ойуунускай

4 этии #

Нууччалыы Совершенно чистое, без единого пятнышка небо

  • Дьолуо маҥан халлаан фольк. – мэндээркэй ыраас халлаан Тоҕус хаттыгастаах Добун дьолуо маҥан халлаан Туйгун дьулайыгар Ордууланан олорор Үрүҥ Аар тойон, Үрүҥ Арылы хотун диэн баар эбиттэр.
    Суорун Омоллоон
  • Туналыйа тунаарар Дьолуо маҥан халлааннаах Алааһыгым барахсан, Алаасчааным барахсан!
    П. Тобуруокап
  • Кэрэтин, дьолуо маҥан халлаан Илгийэр сиккиэр тыала. Өбүгэ саҕаттан саргылаах Саха сирин самаан сайына. И. Павлов
III

5 даҕааһын #

, поэт. Сыыдам, сымса туттунуулаах

Нууччалыы Ловкий, проворный. [Сир:] Эйигин бултаатын диэммин Кылааннаахпын кылбаҥнаппытым

  • Дьолуо, дьорҕоот туттууланнын диэммин Дуолан кыылларбын хаамтарбытым
    Н. Босиков

«ДЬ» буукуба