Перевод с якутского
иллэҥ
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы свободный
English free
Ис хоһооно · 7
1 даҕааһын #
Нууччалыы свободный
English free (empty)
иллэҥ миэстэ баар дуо? осталось ли место?is there any space left?
2 даҕааһын #
Сололоох, бокуойдаах; тугу да гынара суох
Нууччалыы Не занятый делами, свободный от дел
Мин сайыны быһа иллэҥ киһи буолан хааллым. Амма Аччыгыйа Дьэллик иллэҥ киэһэтигэр бэйэтин олоҕуттан, көрбүтүттэн-истибититтэн сээкэйи кэпсиир. Н. Заболоцкай Билигин киһи үксэ иллэҥ кэмэ. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
"Көрө иликкин дуо?" – Арбатскай иллэҥ илиитигэр сурунаалы утары аспыта В. Яковлев
3 даҕааһын #
Туһаныллыбакка, туттуллубакка турар (туох эмэ); ким да ыла, киирэ илик (миэстэтэ)
Нууччалыы Незанятый, свободный; вакантный (о должности, служебном месте)
Институтка иллэҥ миэстэ баар буолбут. Өйүө лэппиэскэтин тобоҕунан куһуоктаан чэйдээн баран, биир иллэҥ муннугу булан сытта. А. Софронов Киһи хаама түһүөх иллэҥ сирэ суох. Софр. Данилов. Иллэҥ олоппос турарыгар икки атаҕын тэллэччи быраҕан, дьоһуннаахтык олорунан кэбиспитэ А. Бэрияк
Өссө холобурдар (3)
Хата, иллэҥнэр оҕоҕор саатыырыгар туох эмэ оонньуурда оҥорон биэрээр... А. Софронов Мин көмөлөһүөхпүн сөп иллэҥмэр.
Н. Лугинов"Николай Леонидович, ону-маны, иллэҥҥэ ахтыахпыт," – диэн Сокольников киһитин ситэ этиппэтэҕэ И. Федосеев
4 аат тыл #
суолт. Киһи үлэлээбэт, тугунан да дьарыктаммат кэмэ
Нууччалыы Досуг, свободное время
5 даҕааһын #
суолт. Туһалааҕы тугу да гыммакка, үлэлээбэккэ
Нууччалыы Без дела, без занятия, праздно
Акаары төбө атаҕы иллэҥ оҥорбот (өс хоһ.). Эр киһи, төһө да иллэҥ олордор, тугу да көмөлөспөт. А. Софронов Ханна да бэлэм кыстанан турбатах кырабааттары, утуйар таҥастары -- хомуйан, ханна да иллэҥ кэтэһэн олорботох араас үлэһиттэрэ түмэн тоһуйбуттар Амма Аччыгыйа
6 этии #
Нууччалыы Чрезвычайно занятый, занятый по горло (букв. и умереть некогда)
Этиилэр
Өлөр да солото (иллэҥэ) суох
төрүт, адьаһын иллэҥэ суох Билигин аҕай адьас өлөр да иллэҥэ суох күннээҕи үлэ түбүгэр сылдьыбыт бары дьыалалара, доҕор иэдээнигэр тэҥнээтэххэ – бытарыйан көһүннүлэр.
Н. Лугинов.
Туос иллэҥ
букатын тугу да гынара, дьарыгырара суох, олох иллэҥ.
Совершенно свободный от всяких дел (нечем заняться).
Мин сарсын туос иллэҥмин. Амма Аччыгыйа Биир күн туос иллэҥ буоллахпына, тулуйбакка өлө сыһабын. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (2)
Туос иллэҥ буоллаххына соҕотох биир да күн бүтэн биэрбэккэ муҥнуур. А. Бэрияк Ыт иллэҥэ күл. -ооннь. – холку, быыс булан барар-кэлэр, сүүрэр-көтөр үлэлээх киһини этэллэр. О человеке со свободным режимом работы, работающий без напряжения (букв. собачий досуг). Сопхуоска "инженер по технике безопасности" диэн дуоһунастаах, ыт иллэҥэ диэн кини.
Н. Лугинов
Киниэхэ
кэпсэтии, болдьоһуу, быһаарсыы.
Ийэм этэригэр диэри, ыт иллэҥэ диэн кини. "ХС"
7 этии #
Нууччалыы Чем зря (напрасно) сидеть (делай что-л.)
Этиилэр
Иллэҥ олоруохтааҕар
тугу да гыммакка таах олоруохтааҕар Иллэҥ олоруохтааҕар эттэ сиэ эрэ!
А. Софронов