Перевод с якутского
истиэнэ
аат тыл
Нууччалыы архит. стена
English wall
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Нууччалыы архит. стена
English wall
таас истиэнэ каменная стенаa stone wall истиэнэ чаһыта настенные часыa wall clock
2 аат тыл #
Дьиэ, тутуу туруору эркинэ
Нууччалыы Стена (вертикальная часть здания, помещения)
Бу маны көрө-көрө Бурхалей, тыа кыыла хаайыллыбытын курдук, хаайыы истиэнэтин өрүтэ тарбыалаһан кэрийэн кэлэ-кэлэ, түннүгэр нөрүс гына түһүтэлээтэ. Эрилик Эристиин Хаартыскатын ылан оргууй, утуйа сытар ийэтин үрдүгэр илдьэн, истиэнэҕэ кунуопканан хатаабыта.
Суорун ОмоллоонСандаара оонньуур сааскы күннэр сылаас уотунан угуттуу аастахтарын аайы оскуола истиэнэтэ улам үрдээн истэ М. Доҕордуурап
3 этии #
Истиэнэ курдук (тэҥэ) эрэллээх (киһи, дьон, доҕор) – ханнык да балаһыанньаҕа түһэн биэрбэт, киһи чахчы эрэнэр Ханныктарын да иһин – түһэн биэрбэт, истиэнэ курдук эрэллээх дьон. "ХС". Истиэнэ тэҥэ эрэллээх Истиҥ доҕор буолар дьиҥнээх. Баал Хабырыыс.
Нууччалыы Надежный, верный; готовый идти в огонь и воду за кого-л
Этиилэр
Истиэнэ курдук эрэн
дьиҥнээхтик, туох да мунааҕа суох эрэн.
Надеяться (полагаться) как на каменную стену.
Төрөөбүт дойдубар Чахчы төннүөм диэн -- Кини бэйэлээҕи Истиэнэ курдук эрэнним, Эрэх-турах сананным. Саха фольк Дьаакыпка истиэнэ курдук эрэммитэ. А. Софронов
Өссө холобурдар (1)
Истиэнэ курдук эрэммит аттара Чылбыан куоттаран кэлбитин көрөөт, сорох талбалар иккис сүүрдүүгэ сылдьыбакка, ат сыарҕатыгар олоро-олоро дьиэлэрин диэки тэбилиннэрбиттэрэ. "ХС"
4 этии #
Этиилэр
Истиэнэ хаһыата көр хаһыат
Нэһилиэк мунньахтыыр дьиэтигэр саҥа истиэнэ хаһыата баар буола охсубут. Амма Аччыгыйа Истиэнэ хаһыата тахсыбыт. Ол ону аахтыбыт биһиги. Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
Истиэнэ хаһыата эмиэ ити тылынан [английскайдыы] таһаарыллар. ЭК
Истиэнэ чаһыта көр чаһы
Орто ыал сэбэ-сэбиргэлэ. Нуучча оһоҕо, остуол, кырабаат, былыргы истиэнэ чаһыта. А. Софронов Прокопий Сергеевич истиэнэ чаһытын диэки көрөн ылбытын билбэккэ хаалла. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
Сарсыарда аҕыс чаас буолбутун тыллаан, истиэнэ чаһыта лыҥкынаата. М. Доҕордуурап