ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чаһы

аат тыл

Нууччалыы часы

English clock, watch

1 аат тыл #

Нууччалыы часы

English clock, watch

  • сиэп чаһыта
    карманные часыa pocket watch
  • хары чаһыта
    наручные часыa wrist watch

2 аат тыл #

Чааһы чопчу көрдөрөр аналлаах тэрил

Нууччалыы Прибор, отсчитывающий время в пределах суток, часы

  • Чаһы биирдии охсуунан Чаастарбын дьакыйталыыр.
    С. Данилов
  • Коля, бэл, чаһытын собуоттуурун умнан кэбиспит.
    Болот Боотур
  • Чаһыбын көрүөхпүн – суорҕаммын арыйыахпын баҕарбаппын
    Н. Габышев

3 этии #

Нууччалыы Настенные часы

Этиилэр

Истиэнэ чаһыта

эркиҥҥэ ыйанар чаһы Орто ыал сэбэ-сэбиргэлэ.

  • Нуучча оһоҕо, остуол, кырабаат, былыргы истиэнэ чаһыта.
    А. Софронов
  • Прокопий Сергеевич истиэнэ чаһытын диэки көрөн ылбытын билбэккэ хаалла.
    Н. Заболоцкай

Күн чаһыта көр күн

  • Анаксимандр -- дьыл кэмин, күн төһөтүн ыйар күн чаһытын оҥорбута дииллэр. ДИМ.

Остуол чаһыта

остуолга ууруллар чаһы.

Настольные часы.

Хары чаһыта көр хары

  • Настя "Колымторг" бырабылыанньатыттан хары чаһытын бириэмийэ ылбыта.
    Н. Якутскай
  • Хаастыы сылдьан Иосиф Николаев хары чаһытын отууламмыт сиригэр умнан кэбиспитэ. "Кыым".

Чаһы оҥорооччу

чаһыны оҥорор эбэтэр өрөмүөннүүр маастар.

Часовщик.

  • Нэһилиэгэр соҕотох хаартыскаҕа түһэрээччи, чаһы оҥорооччу кини. В. Яковлев

«Ч» буукуба