ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эркин

аат тыл, аат

Нууччалыы вертикальная часть здания, помещения, стена

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Дьиэ, тутуу ойоҕоһо, истиэнэтэ

Нууччалыы Вертикальная часть здания, помещения, стена

  • Сайыҥҥы куйааска дьиэ эркинин маһа хайыта хатан тыһыргыыра.
    Н. Якутскай
  • Болкуон икки эркинэ таас буолан, сырдыга, көстүүтэ үчүгэйэ, салгына сибиэһэйэ сүрдээх.
    Н. Лугинов
  • Апанаастаах тириини тэниччи тардан, бэрт түргэнник эркиҥҥэ тиирэн кэбистилэр
    С. Маисов

2 аат тыл #

Туох эмэ ойоҕос өттө

Нууччалыы Боковая сторона чего-л

  • Хоруу хаҥас эркиниттэн тооромос буордар көөрөнөн түһүтэлииллэр.
    Амма Аччыгыйа
  • "С" битэмиин тиийбэтиттэн тымыр имигэс эркинин туруга кэһиллэр. ЛЛА ВККОС. Тыал сырыынньа эркинтэн халтарыйан, хаары үлдьү аһаран иһэр
    Чолбон

3 этии #

Нууччалыы Надеяться на кого-что-л. как на каменную стену

Этиилэр

Куһаҕан эркиннээх көр куһаҕан

  • Куһаҕан эркиннээх адьарай биистэрин кытта арҕаспынан аалсыһыам.
    Эрилик Эристиин
  • Ол кэннэ Ада куһаҕан эркиннээх дьахтар аатырбыта.
    И. Попова

Үчүгэй эркиннээх көр үчүгэй

  • Сорох ардыгар бэйэтин нэһилиэгэр, дьонугар бэрт үчүгэй эркиннээх, көмүскэллээх.
    Саха фольк

Эркин курдук эрэн

кимиэхэ, туохха эмэ саарбахтаабат курдук, бигэ эрэллээх буол Эмээхсин аны эркин курдук эрэнэрэ Даарыйа эрэ.

  • Убайым оҕонньор, улахан баһыыба, эйиэхэ эркин курдук эрэнэбин.
    Болот Боотур
  • Эркин курдук эрэнэр киһилэрэ Дьүкээбил бараары тэриммитин истэн, ыраах-чугас олорор дьон бары мусталлар. Н. Якутскай

4 этии #

Нууччалыы Стена из поперечно сложенных брёвен

Этиилэр

Сытыары эркин

маһы сытыары кэккэнэн сааһылаан тутуллубут эркин Балаҕаҥҥа сытыары эркиннээх дьиэ холбуу тутуллубута.

  • "Чолбон".

Туруору эркин

маһы туруору кэккэнэн сааһылаан тутуллубут эркин (хол., балаҕан, хотон эркинэ).

Стена из вертикально сложенных брёвен (напр., стена якутской юрты – балагана или коровника (хлева) – хотон).

  • Хотон туруору эркиннэрин маһа балаҕаннааҕар арыый синньигэс буолар. СТӨ 1.

Балаҕан

сайын, кыһын олорорго аналлаах, туруору эрикиннээх, буор сыбахтаах тутуу.

  • "Чолбон".

Эркин хаһыата

истиэнэ хаһыата диэн курдук (көр хаһыат).

  • Оттон ортоку сэргэҕэ эркин хаһыатын хаптаһыҥҥа сыһыарбыттар.
    М. Доҕордуурап
  • Сир үллэһигин, артыал тэриллиитин туһунан -- эркин хаһыатын таһаардыбыт.
    А. Бэрияк
Өссө холобурдар (1)
  • Олохтоох чахчылартан сатирическай эркин хаһыата таһаарыллыбыта. "Ленин с. һ.

Эркин чаһыта

истиэнэ чаһыта диэн курдук (көр чаһы).

  • Эркин чаһыта тылыргыы тыаһыыр.
    В. Протодьяконов
  • Эркин чаһыта киэһэ тоҕус чааһы охсон лыҥкынаппыта.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. ног. ирге ʽстена; фундамент, основание дома’

«Э» буукуба