ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иһирдьэ

сыһыат, аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы внутрь, внутри

English inside

Ис хоһооно · 4

1 сыһыат #

Нууччалыы внутрь, внутри

English inside

  • иһирдьэ олор
    сиди внутриsit inside
  • иһирдьэ ас
    затолкни внутрьpush it inside

2 сыһыат #

Туох эмэ иһин диэки, иһигэр

Нууччалыы Внутрь, внутри

  • Икки эр киһи хардаҕастары иһирдьэ ыспытынан бардылар.
    Амма Аччыгыйа
  • Эписиэр -- кинини илиититтэн хабан ылбыта уонна иһирдьэ сиэтэн киллэрбитэ.
    Суорун Омоллоон
  • Эмээхситтэр кини [оҕус] иһэрин көрдөллөр эрэ, дьиэлэригэр сус гынан хаалаллар уонна, мөҥүрээн лүһүгүрүүрүн истэ, иһирдьэ ылы-чып саһан кылаллан олороллор.
    Далан
Өссө холобурдар (1)
  • Ити кэмҥэ иһирдьэ туох эрэ эмиэ лүҥкүнээтэ, киһи көхсүн тыаһа иһилиннэ
    М. Доҕордуурап

3 даҕааһын #

суолт. Ис диэки баар (туох эмэ)

Нууччалыы Внутренний

  • Мин иһирдьэ хос аанын аттыгар олоппоско олордум, бартыбыалбын, сэлээппэбин тобукпар ууруннум.
    Н. Габышев
  • Иһирдьэ толоону Мааркабыс ылара, Хамыйан дьон-дьону Хамначчыт гынара.
    С. Васильев
  • Иһирдьэ хоско ырыа-тойук хойдон, улаатан истэ
    Н. Павлов

4 аат тыл #

суолт. Туох эмэ иһэ

Нууччалыы То, что находится внутри чего-л.; внутреннее помещение

  • Онтон мустубут дьонтон ойдон, паарка аанын быыһынан иһирдьэни көрдө.
    Н. Заболоцкай
  • Ср. тур. ичирдэ ‘внутри’

«И» буукуба