Перевод с якутского
иһэх
аат тыл
Нууччалыы грязь, снег, прилипшие комочком к внутренней стороне копыта животного; грязь, приставшая к подошвам
1 аат тыл #
Атах таҥаһыгар эбэтэр сүөһү туйаҕар лоппоччу сыстыбыт буор, хаар
Нууччалыы Грязь, снег, прилипшие комочком к внутренней стороне копыта животного; грязь, приставшая к подошвам
Ат иһэҕиттэн көмүс кыырпаҕын көрдөөбүккэ дылы (өс ном.). Иһэхтээх этэрбэһинэн тоһургуур. Амма Аччыгыйа Тыыннара бурҕачыйан иһэхтэрин хаара ыһыахтанан, адаар муостаах көлөлөр иннилэрин хоту тэтимнээхтик дьулуһаллар. В. Протодьяконов Аттар туйахтарыттан иһэхтэр кыырайаллар. АС
2 этии #
Нууччалыы Привести в полное расстройство, разрушить; развалить
Этиилэр
Иһэх гынан тэпсэр
1) алдьатар-кээһэтэр, урусхаллыыр Адьырҕа санааҕытынан аан дойдуну абырыахпыт дии саныыгыт дуо? Хата, алдьатыаххыт, иһэх гынан тэпсиэххит... П. Ойуунускай. [Гитлер] Арассыыйаны сэриилээн Ийэ сирбитин Иһэх гына тэпсэн, Кыдыйан, кырган баран Кыаммат өттүн кулут гынан Күүһүгэр күүс эбинэн Күннүүр санаалааҕа. "ХС"; 2) тугу да билиммэт, сэниир, атаҕастыыр.
Всячески унижать кого-что-л., не признавать, пренебрегать кем-чем-л.
Бүтүн Арассыыйа чиэһин-быраабын -- хааннаах атахтарынан иһэх гынан тэбистилэр.
П. ОйуунускайКүн бэҕэһэээ сүгүрүйбүт идийээлин бүгүн иһэх гынан тэпсэр киһи, тыынын көмүскэлэ тирээн кэллэҕинэ, тугу да кэрэйиэ суоҕун сөп. Софр. Данилов. Ср. хак. эчек ‘пятка, задник’