ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

киит

аат тыл

Нууччалыы кит.

1 аат тыл #

, зоол. Үүтүнэн иитээччилэргэ киирэр, балык курдук быһыылаах, улахан төбөлөөх, түүтэ суох килэркэй халыҥ тириилээх, бороҥ өҥнөөх муора кыыла (сир шарын саамай бөдөҥ харамайа)

Нууччалыы Кит. Дельфиннэр уонна кииттэр сыты төрүт билбэт кэриэтэлэр. ББЕ З. Кииттэри, муорсалары, ньиэрпэлэри балачча элбэхтик бултууллар. ХС. Таһырдьа туох эрэ улахан баҕайы дагдайа сытарын көрбүтэ. Ол киит төбөтүн уҥуоҕа этэ. А. Алдан-Семенов (тылб.)

2 этии #

Күөх киит - уу бытархай харамайдарынан аһылыктанар киит саамай бөдөҥ көрүҥэ КВА МГ. Күөх киит тииһэ суох кииттэргэ киирсэр. ББЕ З.

Нууччалыы Голубой кит. [Антарктидаҕа] биһиги планетабыт саамай бөдөҥ харамайдара - күөх кииттэр -- үөскүүллэр

Этиилэр

Киит бытыга көр бытык

  • Кини үөһээ сыҥааҕыттан кытыылара бытырыыстаах сүрдээх үгүс имигэс муос быластыыҥкалар - "киит бытыга" дэнээччилэр - таҥнары намылыйаллар.
    ББЕ З

«К» буукуба