ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кириэтээ

туохтуур

Нууччалыы резать с трудом что-л. тупым ножом

1 туохтуур #

Тугу эмэ сыппах быһаҕынан мүлүктэһэн быс

Нууччалыы Резать с трудом что-л. тупым ножом

  • Сыппах быһаҕынан кириэтээн-кириэтээн быста. ПЭК СЯЯ. Олуй-молуй быһыччатын ойутан таһааран, Өҥүргэс хабарҕатын кириэтээбитинэн барда
    ТТИГ КХКК

2 туохтуур #

Тугунан эмэ дугдуруйан суоһаа, ык

Нууччалыы Напирать, наступать на кого-л., наставляя на него что-л

  • Чугаһаан "Бэрин!" - диэн үөгүлээн, Саанан кириэтии, тиийэн кэллилэр. Дьуон Дьаҥылы. Богуоҥҥа киирэргэ биэрбит билиэттэринэн кини сирэйин кириэтии-кириэтии, өйдөрүттэн тахсардыы ыксаабыт дьон ыгаллара. Н. Островскай (тылб.)

3 туохтуур #

Киһини салгытардыы биир кэм сэмэлээ, мөх, сирэй-харах ас

Нууччалыы Упрекать, попрекать, шпынять кого-л.; пилить (нудно, надоедливо)

  • Кинээстээх аҕабыыт тэҥҥэ хамначчыты мөҕөн кириэтииллэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Акулина Степановна кырдьыгы сирэйгэ быһа-бааччы этэр үгэһинэн, уолун кириэтиир.
    Н. Лугинов
  • Ср.: п-монг. кирүгеде 'пилить'

«К» буукуба