ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кылыгыраа

туохтуур

Нууччалыы звякать, звенеть при ударе

1 туохтуур #

тыаһы үт. туохт

  • Уһун, синньигэс байыаннай киһи мэтээлэ кылыгыраабытынан, саабылатын хаата олох маска охсуллубутунан ойон турда.
    Амма Аччыгыйа
  • Борохуот тумсуттан сыап тимирэ кылыгыраабытынан түһэн, дэгиэлээх тимир дьаакыр өрүс түгэҕэр дьөлө хатанна.
    И. Никифоров
  • Өйдүүбүн - Кыра чуораан кылыгыраан, Кылааска аан маҥнай киирбиппин
    С. Васильев

2 туохтуур #

Бэйэ-бэйэҕэр охсуллан кылыгыр тыаһы таһаар (үксүн тимиртэн оҥоһуктар тустарынан)

Нууччалыы Звякать, звенеть при ударе (обычно о мелких металлических предметах)

3 туохтуур #

Тохтообокко биир тэҥник, наҕыллык тыаһаан сүүрүгүр (үксүн кыра сүүрээн туһунан)

Нууччалыы Течь, струиться, спокойно, ровно (обычно о течении ручейка)

  • Дьикти тыастаах устуруунам, Манньыттаххыан миигин, Сүүрэн кылыгырыыр ууга Эн дорҕооҥҥун тэҥниибин.
    Л. Попов
  • [Үрүйэчээн] Хочо устун, Хотоол ахсын Холдьугураа, Кылыһыйа, Кылбаһыйа Кылыгыраа.
    Д. Васильев
  • Сааскы халаан уутун сүүрдэр тыаһа кылыгырыыр
    И. Бочкарев

«К» буукуба