ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кырааһынай

аат тыл

Нууччалыы красный

1 аат тыл #

ист. Сэбиэскэй былааһы туруулаһан көмүскэспит сэрииһит

Нууччалыы Красный (воин революции - во время гражданской войны)

  • Кыра-хара дьоннорум, Кычыгыраан тураммыт, Кыһалҕабытын санааммыт Кырааһынайга кыттыһыаҕыҥ! Саха нар. ыр. III. Дьахтар аймах кырааһынайдарга кыттыста, кыһыллар онон кыайыахтара.
    П. Ойуунускай
  • [Баабылап:] Абакка да эбит. Бу кырааһынайдартан тоҕо арахпыт муҥмунуй?
    Күндэ
  • Бүгүн борокуотунан кырааһынайдар кэлбиттэр, ыстаабы ылбыттар
    Н. Түгүнүүрэп

2 аат тыл #

Кыһыл арыгы

Нууччалыы Красное вино

  • Кыһытыан кыһаннаҕына, Кырааһынай буолан кытарар; Манньытыан баҕардаҕына, Мадьыара буолан майгыланар.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Кыралары-улаханнары Кыайыан иһин Кырааһынай буолбут эбит.
    А. Софронов
  • Кычыр таас дойдулаах Кыргыс омук сириттэн Кырааһынай арыгыбыт Кырыытынан кыстанан Кырылаата дэстилэр
    С. Васильев

«К» буукуба