Перевод с якутского
кырбас
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы кусок мяса
English a piece or cut of meat
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Нууччалыы кусок мяса
English a piece or cut of meat
кырбас эт кусок мясаa piece of meat
2 #
кырбаа диэнтэн холб. туһ. Кытыйа кытыйатын кытта кырбаһар, хамыйах хамыйаҕын кытта хабырыһар (өс хоһ.). Көлүйэ күөл уҥуор-маҥаар тураннар ураҕастаах дьон кырбаһа тураллар үһү (тааб.: кыламан). [Уолаттар] Сарылыы-сарылыы Сабырҕатыстылар, Кылана-кылана Кырбастылар. С. Данилов
3 #
Тугу эмэ харса суох, түбэһиэх кырбаа, охсуолаа, сабаа
Нууччалыы Отчаянно бить, колотить по чему-л.; биться о чью-л. поверхность; возиться с чем-л
Кыыс дьахтар кытыйатын-хамыйаҕын кытта кырбаһар, ойоҕо суох уол үтүлүгүн-бэргэһэтин кытта охсуһар (өс хоһ.). Дьукаах дьахтара "иирээки уолгар" диэбитин өйдөөтөр эрэ, -- сыгынньаҕын таһырдьа ойон тахсан, абатыгар, күрүө баҕаналарын, тииттэри кытта кырбаһар. Болот Боотур Соҕурууттан тыаллаах күн буолан, өрүс күүстээх долгуннара таас биэрэги кытта кырбаһаллар И. Никифоров
4 аат тыл #
Эттэммит эт бөдөҥ куһуога
Нууччалыы Крупный кусок нарубленного мяса
Сыалаах кырбас кырбаныылаах -- Сэтинньи ыйым [үүммүт]. Саха нар. ыр. I. Дьиэлээхтэр кырбаһынан эти өлүүлэнэн быһан сииллэр С. Никифоров
5 даҕааһын #
суолт., көсп. Сааһынан эбэтэр уҥуоҕунан олус кыра
Нууччалыы Малый по росту или по возрасту; малорослый, малолетний. [Оҕолору] үөрэниэх айылааҕын аны күһүн оскуола интэринээтэ ыллаҕына сатанар ини... - Оттон кыра, кырбас өттүн?
Николай Кривошапкин кырбас кыра бэйэтэ, дуул бухатыыр курдук кыынньан-кыйаханан турбута ХС
6 этии #
Нууччалыы Кусок нарубленного мяса (порция на одного человека)
Кырбас эт - сэниэ ыал күөстэнэр этэ (күөскэ төһө кэргэннээҕинэн хас да кырбас эт киирэр) Бэйэлэрэ эмиэ үстүү кырбас эти үөрбэлэригэр үөлэн сииллэр. Саха фольк Кырбас бараах - хара эбириэннээх кугастыҥы уорҕалаах, үрүҥ өрөҕөлөөх, атахтара уонна тумса хара, чооруостан эрэ арыый обургу саамай кыра бараах. Θ Кулик-воробей, белохвостый песочник, чернозобик. Хас чоҥоруйбут чөкчөҥө, кыабарыйбыт кырбас бараах -- барыта бу киэҥ дэлэгэй уйгуну тус бэйэтигэр ылыммыт. Амма Аччыгыйа Ыраах көппөт, адьас дааргы Павлинтан баҕас ордугун Эһэ кырбас бараахтарга Этэр-кэпсиир курдуга. М. Тимофеев