ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыырпах

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы обломок; кусок

English fragment, (small) piece

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Нууччалыы обломок; кусок

English fragment, (small) piece

  • уҥуох кыырпаҕа
    осколок костиa bone fragment

2 аат тыл #

Туох эмэ бытархай саамай кыра өлүүскэтэ, кыра эттигэ; туох эмэ бытархайа, кырата

Нууччалыы Отдельная частица, крупинка чего-л. мелкого, сыпучего, крупица чего-л

  • Кумах биирдии кыырпаҕа силбэһэн таас хайа үөскүүр.
    Суорун Омоллоон
  • Дьахтар уоһугар сыстыбыт от кыырпаҕын тыбыырбытынан олоро түстэ. Софр. Данилов. Сытыы тыал кыһыырар, хаар кыырпахтарын муус устун кыйдыы охсор.
    А. Сыромятникова
  • Кини ытыһыгар хараҥатыҥы араҕас металл кыырпахтара кылбачыһаллар
    И. Бочкарев

3 аат тыл #

Биир тэҥ сырдык ньуурга көстөр кыра хараҥа эбир, мэҥ

Нууччалыы Небольшое пятно на ровной, чистой поверхности чего-л

  • Хата кыырпаҕа суох үп-үрүҥ түү хойуу баҕайытык тахсан, [кырынаас] үүт маҥан дьүһүннэнэр.
    Саха фольк
  • Көрбөккүн дуо, куба түүтүн? Кыырпаҕа суох маҥан тунал, Номоххо да өрүүтүн Маҥан буолар айыы, аанньал.
    И. Гоголев
  • Ханна да кыырпаҕа суох ыраас халлаан оройуттан күн уота күөх истиэп уорҕатын угуттуур
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (4)
  • Халлаан кыырпах сулустара Кыламнаһа турбуттара.
    Күннүк Уурастыырап
  • Кыырай маҥан халлаантан Кыырпах кыраһа кыыдамныыр.
    С. Васильев
  • Кытыл устунан иһэбин Кыырпах бырдааты кэһэммин.
    ХС
  • Ср. тюрк. кырпак, кырпак кар ‘пороша, первый снег’

4 даҕааһын #

суолт. Олус бытархай, кыра

Нууччалыы Состоящий из мелких частичек, очень мелкий

5 этии #

Кыырпах да саҕа - кыра, аҕыйах (тэҥнэбил курдук тут-лар) Норуот туһугар тооромос да саҕа туһаны, кыырпах да саҕа үчүгэйи оҥорбут киһи умнуллуо суохтаах. Софр. Данилов. Уопсай дьыалаҕа кыырпах да саҕа кэтэх, хос санаа булкуһара табыллыбат. СТЫМ. Хата уолгутугар кыырпах да саҕа кыыкынаан иһиллэр тыҥатыгар туох да суох. Хаһан да тымныйбатах киһи курдук. "ХС"

Нууччалыы Незначительный, в небольшом количестве, малейший (употр. как сравнение)

«К» буукуба