Перевод с якутского
кырыатаа
туохтуур
Нууччалыы счищать иней, лёд с чего-л.
1 туохтуур #
Кырыаны кыһый, сот (хол., былыр муус түннүктэн)
Нууччалыы Счищать иней, лёд с чего-л. (напр., в старину с ледяного окна)
Балаҕанын сиппийэн, Түннүктэри кырыатаан, Баар үлэтин үмүрүтэн, Түбүгүрэн бүтэн баран, Сылаабаһыт сылдьыа диэн, Сылабаарын туруорбута. Күннүк Уурастыырап Түннүктэрин барытын кырыатаан, чэгиэн муустарыгар тириэрдэ дьэҥкэрдэн кэбиспит. Н. Заболоцкай Түннүгү кырыатыы иликтэр, онон Лыахчаана куттанар В. Иванов
2 туохтуур #
Кыһын сылгы кырыатын кырыаччынан тарбаан ыраастаа
Нууччалыы Счищать скребницей иней с шерсти лошади
Хаста да кичэйэн кырыатаабыта да, ат барахсан ис-иһиттэн итийбитэ-кутуйбута бэрдиттэн буолуо, сотору эмиэ кырыаран туртайан кэлэрэ.
Н. ЛугиновДмитрий атын уулатан аҕалаат, мууска сытар чохордону ылан иһэҕин тоҕута сыста, тиистээх кымньыынан кыһанан-мүһэнэн кырыатаата. Н. Апросимов Афанасий сыарҕаттан Үрүҥ көмүс тиистээх кымньыыны ылан аты кырыатаата. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Бастаан тиҥэһэни, тимир кырыаччынан кырыатыыллар Кыым