ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэпсэтии

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы разговор

English conversation, dialogue

Ис хоһооно · 7

1 аат тыл #

Нууччалыы разговор

English conversation, dialogue

  • кэпсэтии бүттэ
    разговор закончилсяthe conversation finished

2 аат тыл #

Тылынан санааны атастаһыы, сэһэргэһии

Нууччалыы Разговор, обмен мнениями, беседа

  • Кылгас кэпсэтии. Эйэлээх кэпсэтии, Кытаанах кэпсэтии.
  • Кэпсэтииттэн сүбэ ордук, баайыттан туомтуу ордук (өс хоһ.). Кэпсэтиибит уруккутун курдук көрдөөхтүк тахсыбат буолла.
    Амма Аччыгыйа
  • Кэлэр-барар дьон кэпсэтиилэрэ, күлсүүлэрэ дэлэй
    Дьүөгэ Ааныстыырап

3 аат тыл #

Кимниин эмэ туох эмэ боппуруоска усулуобуйа түһэрсии, хардарыта сөбүлэсэһии

Нууччалыы Соглашение, договоренность с кем-л. по какому-л. вопросу

  • этиини кэстэххинэ Кэннигэр, иннигэр Кэнтиги тэриниэҕиҥ, Үрүҥ тыыҥҥын Үстэ иһиллиэҕим.
    П. Ойуунускай
  • [Бииктэр:] Кэпсэтиибит курдук, [хамнаскын] үлэҕин толордоххуна ылыаҥ.
    Суорун Омоллоон
  • Урут баайдар оҕолорун чааһынай кэпсэтиинэн судаарыскайдарга үөрэттэрэр этилэр
    Бэс Дьарааһын
Өссө холобурдар (2)
  • этии стилэ.
  • Саха бүттүүн тылларын иһинэн араарыахха сөп сурук тылын лексикатын уонна кэпсэтии тылын лексикатын
    АПС СТЛ

4 аат тыл #

Тугу эмэ ырытан, сыана быһан санааны этии, үллэстии

Нууччалыы Высказывание своего мнения по какому-л. вопросу; обсуждение, дискуссия

  • Райком бюрота саҕаланна, Араатар, кэпсэтии аһылынна.
    С. Васильев
  • Кэпсэтиигэ бастакы тылы Алексей Васильевич ылла.
    С. Никифоров
  • Дакылаат кэнниттэн кэпсэтиигэ киирэллэр
    Н. Якутскай

5 аат тыл #

эрг. Кыыһы кэргэн ыйытыы, көрдөһүү (кыыс дьонуттан)

Нууччалыы Сватовство к девушке (через ее родных). [Дьарааһын:] (холуочуйбут киһи быһыытынан)

  • Хата, кэпсэтиини кэпсэтэн бүтэрэн малааһыны тэрийиэххэ. Уйбаан Бырдаахап кырдьаҕас, Марыына диэн оҕоҕун биһиги ыйыта кэлэн олоробут.
    Н. Неустроев
  • [Захар:] Сибиэтэ, оччоҕо мин эн үөрэххиттэн төннөн кэлбитиҥ кэннэ, күһүн кэпсэтии оҥоруом. Эн дьоҥҥор тугу да этимэ
    С. Ефремов

6 даҕааһын #

суолт., тыл үөр. Тылынан саҥаҕа сыһыаннаах, ордук бэлиэ

Нууччалыы Свойственный устной речи, обиходным выражениям, разговорный

7 этии #

Нууччалыы Разговор будет другой (говорится с угрозой). [Василий Петров:] Эн, Баай Байбал хоолдьугата, моонньоҕо, бандьыыт буолуоҥ, мин, дьадаҥы Балыксыт күтүөтэ, бассабыык буолуом

  • этии атын (туспа) буолуо - кытаанахтык аахсыллыа, ситиһиллиэ (саанан этиигэ тут-лар) Дьэ, аҕаа, оччоҕо кэпсэтии туспа буолуоҕа...
    П. Ойуунускай
  • "Оттон төттөрүлэһэр буоллаххытына кэпсэтии атын буолуо", - Васильев сыгынньах нагаанын ылан остуолга уурар.
    И. Бочкарев
  • [Паабылап:] [Күндү тааһы] арай мин булуум, оччоҕо баҕас... Ити дирээни кытта кэпсэтии атын буолуо этэ...
    Н. Туобулаахап
Өссө холобурдар (3)
  • Үгүс (элбэх, туох да) кэпсэтиитэ суох - элбэхтик быһаарса барбакка эрэ. Θ Без лишних разговоров. Чэ, үгүс кэпсэтиитэ суох, күн сарсын уолгун куоракка киллэрэбит.
    Н. Якутскай
  • [Чокуурап:] (турар). Чэ, элбэх кэпсэтиитэ суох, сарсыарда "Хаастаахха" оруос быһыытыгар баар буол.
    С. Ефремов
  • Уол -- туох да кэпсэтиитэ суох биир хардаҕастаах уоту тутан баран, дьонун диэки сүүрбүт. Саха фольк

«К» буукуба