ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэри-куру

даҕааһын

Нууччалыы грустный, невеселый, унылый

1 даҕааһын #

Санаа түһүүлээх, санньыар, хобдох

Нууччалыы Грустный, невеселый, унылый

  • Кэрэхсэтэр өттө суох Кэри-куру соҕус күн Кэлэн ааһан хаалара.
    Күннүк Уурастыырап
  • Кыһын кэри-куру күннэр -- бэйэ-бэйэлэрин солбуһан, улугурбуттуу бытааннык усталлар.
    Болот Боотур
  • Сардаана Михайловна дьиэтин иһин эргиччи көрдө, үөһэ тыынна Аҕата суох ыал кэри-куру дьиэтэ
    С. Никифоров

2 этии #

Кэри-куру буол - санаарҕаа, мунчаар; мунчааран саҥаҕыттан мат Микиитэ күлүүк бэйэтэ кэри-куру буолла. Амма Аччыгыйа. Михаил Прокопьевиһы атаарарбытыгар биһиги бары даҕаны кэри-куру буолбуппут. И. Никифоров

Нууччалыы Быть грустным, унылым, невеселым, подавленным и неразговорчивым, опечалиться

«К» буукуба