ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэриҥ

аат тыл

Нууччалыы величина, размер, мера чего-л.

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Туох эмэ мээрэйэ, киэбэ, кээмэйэ; туох эмэ кэмэ, бүтэр уһуга, хааччаҕа (үксүгэр ойоҕос ф-ҕа тут-лар)

Нууччалыы Величина, размер, мера чего-л. (обычно употр. в ф. косвенных п.)

  • Киэҥ киһи кэриҥин биллэрбэт, Дириҥ уу түгэҕэ көстүбэт. Айталын. Саҥа үөскээбит эдэр килиэккэлэр улааталлар, ууналлар, кэриҥнэринэн улаханнары ситэллэр уонна бэйэлэрэ үллэһиллибитинэн бараллар. КВА Б. Киһи баҕатыгар кэриҥ суох, кини күүһэ - хаһан даҕаны эстибэт-быстыбат. М. Горькай (тылб.)

2 аат тыл #

Туох эмэ сүрүн бэлиэтэ

Нууччалыы Основной признак, показатель чего-л

  • Бырайыактыыр институт үлэтин таһымын биир быһаарыылаах кэриҥинэн хаачыстыба буолар.
    Н. Лугинов
  • Историческай наука кэриҥнэринэн литератураҕа быһаччы киирэр кэм ааспыта. Эрчимэн. Оҕо төрөөбүт тылыгар үөрэнэн дуоһуйуу, астыныы ылыыта кини дьиҥнээхтик баҕаран үөрэниитин сүрүн кэриҥинэн буолар
    ФГГ СТМЛ

3 аат тыл #

Туох эмэ көрүҥэ, формата, көстөр дьүһүнэ

Нууччалыы Внешний вид, форма чего-л

  • Үс муннуктары кинилэр муннуктарын кэриҥинэн көрөн наардыахха сөп
    ВНЯ М-5

4 аат тыл #

мат., физ. Кээмэйдээн, ааҕан-суоттаан таһаарыллар ханнык эмэ предмет, көстүү

Нууччалыы Величина чего-л., которую следует рассчитать

  • Муҥура суох кыра кэриҥ. Ср. тув., алт. хире 'около (приблизительно), примерно'; монг. хир 'мера, предел, как, каким образом, насколько, около, пока что'

«К» буукуба