Перевод с якутского
көлдьүн
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы бесполезный червяк, козявка
Ис хоһооно · 8
1 аат тыл #
Туох да туһата суох кыра үөн
Нууччалыы Бесполезный червяк, козявка
Күөх далай көлдьүнэ, сытыган ньамах үөнэ мин дуо?
П. ОйуунускайКим эйигин баҕа диэбитэй? Дьиҥнээх эн аатыҥ ким эбитэй? Эт, күөх ньамах көлдьүнэ
Таллан БүрэТуох эмэ кырата, туһата суоҕа. Θ Всякая мелочь; бесполезная часть чего-л. Балык көлдьүнэ
Өссө холобурдар (2)
Бу мөлүйүөн аҥаара открытканы муспут киһи, онон тугу туһанарый, күн көлдьүн дьарыга буолбатах дуо? С. Тарасов Таах олорооччулар уонна букатын да көлдьүн дьон үгүс буолуохтара С. Ефремов
2 аат тыл #
Албын-түөкүн киһи
Нууччалыы Лукавый человек; плут, мошенник
Бардамы бахтат, Дохсуну тохтот, Көлдьүнү күөй!
Өксөкүлээх ӨлөксөйТуттаран туран балыырдаах, Көрдөрөн туран мэлдьэхтээх Көстүбэт көлдьүнэ, Атаҕастаан баран, Уордарбыт кини буолла
П. ОйуунускайКөлдьүн тыллаах киһи. Көлдьүн доҕоттор.
Өссө холобурдар (1)
Көҥдөй албын киэргэлин, Көлдьүн дуйун килбиэнин Оттон-мастан суйдаан ылан, Ордорбокко хастыы ыһан, Киэмсийбитин кэмсиннэрэ, Кимин-тугун биллэр эрэ! Күннүк Уурастыырап
3 аат тыл #
Сүрэҕэ суох киһи
Нууччалыы Лентяй, лодырь
Көрүҥ, көрүҥ, оҕолоор, Көлдьүн хайдах от охсор, - уонна дайбаат, сынньанар, Онтун-мантын тарбанар. Күннүк Уурастыырап Биир салаа оту охсубат, Биир хонук маһы мастаабат, Тугу да гыммат көлдьүн -- байар күнүс-түүн. Ф. Софронов Бу көлдьүнү! Күөх сүрэҕи! Ынах маната ыыппыт киһим, хата, ырыа ыллыы олорор эбит! Пьесалар - 1960
Өссө холобурдар (2)
Ол атыыһыт бу кэлэн, Көлдьүн өйүнэн эргитэн Күөгү быраҕа олорор. С. Васильев Оо, көлдьүн доҕоттор, итини этэр буоллахтара, киһи эриэнэ иһигэр диэн Н. Габышев
4 даҕааһын #
Уопсастыбаҕа туһалааҕы оҥорбот; көрү-нары эрэ батыһар
Нууччалыы Праздно проводящий время, не занимающийся полезным для общества трудом
5 даҕааһын #
Дьиҥнээх буолбатах, сымыйа
Нууччалыы Не соответствующий истине, ложный
6 даҕааһын #
Киһини албынныыр, албын-түөкэй
Нууччалыы Прибегающий к обману; различным уловкам; лживый; каверзный
7 даҕааһын #
ыгар, көрүнньүккэ эрэ үлэлиир, үлэлиэн баҕарбат, сүрэҕэ суох
Нууччалыы Не желающий работать, ленивый; работающий для виду
Сүрэҕэ суох сөллөҥнөөтөҕүнэ, Көлдьүн көлөөх Күҥҥэ көһүннэҕинэ, Күн күлэр, Сиилээн күлэр. С. Данилов Кинини көрө-көрө көлдьүн күтүрдэр, үлэҕэ ээл-дээл сыһыаннаһааччылар тардыналлар. А. Сыромятникова Ср. эвенк. кулин ‘змея’; куликан ‘червяк’
8 этии #
Көтөр (көһөр) былыт көлдьүнэ - албын-түөкэй киһи Аан дойду норуоттара сомоҕолонон уокка даҕаны умайбат, ууга даҕаны тимирбэт, аар-саарга ааттаах Айыы бухатыыра буолан, ааһар былыт албына, көтөр былыт көлдьүнэ Гитлер -- үрүҥ сүнньүн олуйуо. Суорун Омоллоон
Нууччалыы Пройдоха, плут, мошенник