Перевод с якутского
луоҕа
аат тыл
Нууччалыы глубокое болото, топь
1 аат тыл #
Дириҥ бадараан, түгэҕэ суох оборчо
Нууччалыы Глубокое болото, топь
Тумсун үрдүнэн Туора түспүт муостаах, Тутум атахтаах, Луоҕаттан иҥнибэтэх Луо бээгэй оҕустаах Алып Хара -- Аҥаарыйар аартыга.
П. ОйуунускайОл анараа өттүн диэки аһара көрдөҕүнэ ап төрдө Алып Хара обургу бу өлүү луоҕатын ис кырыытыгар -- үс төгүл эриллэн баран түүрүллэн сытар үһү Ньургун Боотур
2 аат тыл #
Туох эмэ уһуннук сытан кэлимсэлэһэн дьүдьэйбитэ, лааҕы буолбута
Нууччалыы То, что слежалось, утратило свежесть, подгнило
Эргэ үйэ элбэх сааһыгар мунньуллубут сытыйбыт луоҕа бөхтөрүнэн саҥаны саба ыһыахтыы сатыыр Амма Аччыгыйа
3 аат тыл #
Ынах сүөһү кутуругун төбөтүн маҥана
Нууччалыы Белый кончик хвоста (у коровы, быка)
Луоҕалаах кутуруктаах оҕус. Эдэр кунан оҕустар -- күрэс былдьаһаары луоҕалаах кутуруктарын Субуччу тутаннар Күрдьүөттэһэ-күрэстэһэ Күрэс былдьаһа оонньууллар эбит. А-ИМН ОЫЭБ Ы. Тэҥн дуоҕалаах. Тэҥн. тюрк. туҕлук ‘имеющий знамя, со знаменем’