Перевод с якутского
маат
аат тыл
Нууччалыы мат
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Спорт сорох көрүҥнэригэр (хол., тустууга) туттуллар халыҥ, бөҕө матырыйаалтан оҥоһуллар, муостаҕа тэлгэтиллэр тэллэх
Нууччалыы Мат (мягкая подстилка из прочного материала - спортивный инвентарь)
Муннукка сабыс-саҥа мааттар кыстанан тураллар. Тустуунан дьарыктаныан баҕалаах, онно сөптөөх оҕолор элбэхтэр. Маат да оскуолаҕа баар. Э. Соколов Учуутал кыһын кэлэн эрэрин, дьиэҕэ эрчиллиэхтэрин баҕаралларын, онно маат оҥостоллоругар холуста наадатын кэпсээтэ Е. Неймохов
2 аат тыл #
, саахы мат. Саахымат оонньуутугар хотторуу бэлиэтэ, хоруол хаайтарыыта
Нууччалыы Мат. Дэбдэҥ киһи итинник түһэр куолута. Сотору Быканов хоруола маат сиэккэтигэр киирэн биэрбит. Далан. "Сабыылаах маат" диэн ааттанар ("хоруолу тыыннаахтыы хаайыы" диир таба буолуо этэ) былыргы комбинацияҕа оҥоһуллубут үс позицияны көрүөҕүҥ. ПВН СБК
3 этии #
Нууччалыы Потерпеть полное поражение в споре
Маат бар - тугу да утары этэр кыаҕа суох буолан кыайтар, күппүлүү бар (хол., мөккүһэн уо. д. а.) Ойуурабы [мунньах кэнниттэн] маат барбыт биэлсэр диэн күлүү гыннылар. Н. Габышев Мээнэ саҥаран күппээрдии турбут Лөгөнтөй биирдэ маат барда, саҥарбытынааҕар саҥарбатаҕа ордук курдук буолла. "ХС"
4 этии #
Маат барда (ылла) саахы мат. - хоруола хаайтаран, кыайан куоппат буолан кыайтарда, хоттордо Уйбаан Уйбаанабыс утарылаһааччытыгар үстэ субуруччу маат баран ыксаан олорор. "ХС"
Нууччалыы Объявить мат кому-л., потерпеть поражение в шахматной игре
5 #
тыаһы үт. т. Кус саҥатын үтүктэр тыл (хол., көҕөн, чыркымай уо. д. а.)
Нууччалыы Подражание кряканию утки
Манчаары от саҕатыттан "маат!" - диэт, көҕөн өрө көтөр, удьуор булчут хааным тардан мин сүрэҕим өрө мөҥөр. И. Гоголев Төбөбүн өрө көтөхпүппэр кус саҥата "маат" диэн баран, ойоҕоспунан дуу, төбөм оройунан дуу көтөн ааста. Т. Сметанин Инниттэн икки көҕөн, атахтара бу кытарбытынан, "маат, маат" диэн бардырҕаабытынан, тахсан кэллилэр ХС