Перевод с якутского
матыып
аат тыл
Нууччалыы мотив
1 аат тыл #
муус. Ырыа ылланан тахсыыта, мелодията
Нууччалыы Мотив (песни)
Чоочоон үөннээхтик имнэнэн кэбиһэр, ханнык эрэ бэһиэлэй ырыа матыыбын киҥинэйэр. И. Гоголев [Никита] киэһэ аайы муннун анныгар ханнык эрэ ырыа матыыбын киҥинэйэн ыллыы-ыллыы таҥаһын өтүүктэнэрэ, үрүт-үөһэ ыраастанара.
Н. ЛугиновСаҥа ылланар сахалыы ырыалар нарын-кэрэ матыыптарын Федя умсугуйан үөрэтэр И. Бочкарёв
2 аат тыл #
лит. Литературнай айымньы сүрүн ис хоһоонун быстах элэмиэнэ (быстах ойоҕос тиэмэ)
Нууччалыы Мотив (тема)
Саха былыргы мифтэрэ үгүстэрэ умнуллубут быһыылаахтар. Арай олоҥхолорго, остуоруйаларга, -- ырыаларга мифтэр тус-туспа матыыптара ордон хаалбыттар. Саха фольк Матыып айымньы сүрүн тиэмэтин кытта дьүөрэлэһэн, кини ис хоһоонун ситэрэр. ВГМ НСПТ. Саха суруйааччыларын оччотооҕу айымньыларыгар Ийэ дойдуну көмүскүүр матыып эмиэ үгүстүк таарыллыбыта КНП КУуА
3 аат тыл #
Туох эмэ үөскүүр сылтаҕа, төрүөтэ
Нууччалыы Повод, причина возникновения, зарождения чего-л. [Сомоҕо домох тылларын үлүбүөй туттуу] биричиинэтэ үксүгэр сомоҕо домохтор үөскээбит матыыптарын билбэт буолууга сытар
СЛСПҮО. Биһиги саҥаран санаабытын этэбит, ол гынан баран саҥарар саҥа эмоциональнай матыыптаах буолар АВМ ҮКТТҮӨ