Перевод с якутского
ньалака
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы тонкий и лёгкий, мягкий
1 даҕааһын #
Чап-чараас, сымнаҕас
Нууччалыы Тонкий и лёгкий, мягкий
Ньалака былыт. Ньалака түү. Ньалака от. Кини [Илья Иванович] ньалака кугас баттаҕын өрө тарааммыт. А. Софронов Ийэтэ тикпит чараас ньалака сарыы ырбаахы, дьиэ эргин кэтиллэр кылгас таба сон өрүс уорааныттан кыайан көмүскээбэтэхтэрэ. Далан
Өссө холобурдар (1)
Мэндэ Тураҕас [сылгы] өрүкүйэр көҕүлүн сиэлин икки аҥыы силэйэ охсунан, ньалака сиэлин тэлгии быраҕан -- сүүрэн субуллубутунан барда Р. Кулаковскай
2 аат тыл #
суолт. Олус чараас, мэктиэтигэр курдаттыы көстөр курдук чараас бүрүөһүн
Нууччалыы Очень тонкое, прозрачное покрытие или плёнка
Бастаан туос ньалакатын дэлби сытыы быһаҕынан ыраастыыгын. АЕЕ ӨҮОБ. [Хортуоппуй] сэбирдэҕин алын өттүгэр түүнүк курдук кубаҕай чараас ньалакалар тахсаллар СОТ
3 этии #
Нууччалыы С очень мягкой, пушистой гривой (употр. в нар. поэз. при описании лошади)
Ньалакалыыр сиэллээх нор. поэз. - сыры-сымнаҕас, көп сиэллээх (сылгыны хоһуйарга тут-лар) Өрүкүйэр көҕүллээх, Дьогдьоҕоркоон сааллардаах, Ньалакалыыр сиэллээх -- Соноҕостой барахсан! Саха нар. ыр. II. Ураанньыктаах, элэмэс Улаанчыгым барахсан Өрүкүйэр көҕүлүн Имэрийэн ылабын, Ньалакалыыр сиэллэрин Намылыччы тарыыбын. П. Тобуруокап Чөрөгөркөөн кулгаахтаах, Өрүкүйэр көҕүллээх, Ньалакалыыр сиэллэрдээх - Соноҕоһум барахсан, Солко нуолур хонуунан Субуруйан истэҕэ. А. Бэрияк Ср. монг. наалинхай ‘нежный, ласковый, милый, вежливый’