ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

саан

туохтуур

Нууччалыы угрожать

English to threaten

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Нууччалыы угрожать

English to threaten

  • Киниэхэ куруутун саанар.
    он всё время ему угрожаетHe threatens him all the time.
I

2 туохтуур #

Туох эмэ туһугар киһиттэн кэлин өс ситиһиэх, кэһэлтэ оҥоруох буолан суоһурҕан

Нууччалыы Угрожать кому-л. чем-л., запугивать, грозить местью

  • "Бэйи, үрүҥнэр кэллиннэр. Ити кыһыл өрбөхтөргүтүн тырыта тыыталыырым буолуо!" - диэн Соппуруон баай иһигэр саана санаабыта.
    Н. Якутскай
  • Сир сирэйиттэн суох гыныах буолан сааналлара. Софр. Данилов. "Хайаан даҕаны сиһиҥ үөһүн ибили үктүөм", - диэн сааммыта
    М. Доҕордуурап

3 туохтуур #

Тугу эмэ хайаан да оҥорор санаалана-санаалана толорбокко уһатан ис

Нууччалыы Вынашивать какой-л. план, замысел, намереваться сделать что-л

  • Уоскуйан дьэ саллааттар Сүүстэ сааммыт сирдэригэр Илии баттаан дьэргэттилэр Рейхстаг эркинигэр.
    С. Тарасов
  • Ол [дэриэбинэ] туһунан эһиэхэ кэпсиэх буолан сааммытым, өй-сүрэх ыарыыта оҥостуммутум ыраатта эрээри тоҕо эрэ уталыйан иһэрэ.
    ХС
  • Ср. др. -тюрк. йан, тат. янау, монг. занах ‘грозить, угрожать’
II

4 #

саай диэнтэн бэй. туһ. Сонун ыйаары оронун үрдүнэн тоһоҕо саанна

5 этии #

Этиилэр

Тиискин саан көр саай

  • Көнньүөрэн олорон Көмүрүө уҥуоҕунан Тиистэрин сааммыттар, Тибиирэ олорбуттар. П. Ойуунускай

«С» буукуба