Перевод с якутского
саатырт
туохтуур
Нууччалыы устыдить, пристыдить
1 туохтуур #
Киһини туох эмэ сааттааҕы, сааты оҥордуҥ диэн сыҕай, саатарын курдук саҥар
Нууччалыы Устыдить, пристыдить
Онно миигин эмиэ тоҕо саатыртыҥ? Мин туох буруйдаахпыный? С. Ефремов Саша бэл мэниктээбитэ. Ити иһин кинини октябрёноктар кытта саатырдыбыттара ББ
2 туохтуур #
саат I 3 диэнтэн дьаһ. туһ. Бу ыраас хаар, халлаан курдук, хараҕы саатырдар. Н. Лугинов
3 этии #
Нууччалыы Заставить кого-л. краснеть перед людьми, выставить кого-л. на позор, опозорить
Сирэйин саатырт кэпс. - ким эмэ айыытын-харатын, куһаҕанын дьоҥҥо көрдөрөн, дьон иннигэр саатырт Мин эйигин бар дьон ортотугар сирэйгин саатырдыам. А. Софронов Килбиэннээх маҥан сирэйгин киртитиэм, сардаҥалаах маҥан сирэйгин саатырдыам, ат курдук мииниэм, оҕус курдук көлүнүөм! Саха фольк