ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сас

туохтуур

Нууччалыы прятать; исчезать

English to hide (oneself), to disappear

Ис хоһооно · 7

1 туохтуур #

Нууччалыы прятать; исчезать

English to hide (oneself), to disappear

  • күн саҕахха саста
    солнце ушло за горизонтthe sun disappeared beneath the horizon
  • саһа оонньоо
    играть в пряткиto play hide and seek

2 туохтуур #

Кимтэн-туохтан эмэ күрэнэн, көстүбэт курдук хорҕой

Нууччалыы Прятаться, скрываться от кого-чего-л. [Сэмэн], хааһылаах чааскытын ороҥҥо уура охсон баран, бэйэтэ оһох кэннигэр саһан хаалла

  • Өстөөх биир тааҥката суол устун өрө лүһүгүрэйэн иһэр. Биһиги састыбыт.
    Т. Сметанин
  • Кыһыл этэрээт Киренскай аттыгар буолбут кыргыһыыга улаханнык хотторбута. Кыһыл сэрииһиттэр тыаҕа саспыттара
    П. Филиппов
  • ан эмэ куотан хаххалаах сиргэ киир, хорҕой. Θ Укрываться, находить себе укрытие от чего-л.; прятаться. Тыынар тыыннаах бары саспыт, Тыынар тыыннаах бары тылыттан маппыт
    П. Тобуруокап
Өссө холобурдар (1)
  • Туох эмэ күлүгэр киирэн көстүбэт буол (хол., күнү этэргэ). Θ Стать невидимым, зайдя за что-л. (напр., солнце, прячась за гору); скрываться. Кураан туран күн былыкка саһан киирдэҕинэ, сотору ардах эбэтэр былыт кэлэр
    ВСС ППУОЯ

3 туохтуур #

Көстүбэт, хахха сиргэ тур, туох эмэ хаххалаах буол; ыраах биллимэ-көстүмэ

Нууччалыы Скрываться, быть укромным; быть тихим, незаметным, неизвестным

  • Сайсары сыһыытыгар Самныбыт санаалаах, Саах балаҕаннаах Саха диэн омук Саһан олоорто үһү.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Бу дэриэбинэ соҕуруу диэки барар хайа анныгар тыа быыһыгар саһан олороро.
    Суорун Омоллоон
  • Григорий Иванович хойуу кыламаннарыгар саспыт ичигэс харахтара миигин эрдэттэн тардыбыттара
    Н. Заболоцкай

4 туохтуур #

Дьиҥ бэйэҕин дьоҥҥо көрдөрбөт курдук кубулун, кистэн

Нууччалыы Скрывать своё истинное лицо, притворяться

  • Холкуоһу букатын сөбүлээбэт, саһар эрэ наадатыгар киирэн сылдьар.
    Күндэ
  • [Егор Егорович:] Эн доҕотторуҥ кимнээхтэрий? Саһа сылдьан биһиги кэтэхпитин кэрбээччилэр кимнээхтэрий?
    С. Ефремов

5 туохтуур #

поэт. Туохха эмэ кэлэн симэлийэн сүт, биллибэт буол

Нууччалыы Исчезать в чём-л., переставать быть видимым или слышимым, не проявляться; прятаться (напр., о ветре между деревьями, о волнах у берега)

  • Сэргэх киистии чуумпу саһар Түҥ тыа сөрүүн симилэҕэр, Сэргэх булчут саатын тыаһа Сатараан, кини үргэр.
    И. Гоголев
  • Лена мааны кыргыттара - эһиэкэйдьит долгуттар -- Таастаах дьирбии биэрэккэ Тахсан саһан хаалаллар.
    Т. Сметанин
  • Чыычаахтар -- [тымныыттан] ылы-чып бардылар. Бэл тыал, сэниэтэ суох туора-маары сүүрэкэлээт, ыркый иһигэр киирэн саһан хаалла
    Г. Угаров

6 туохтуур #

поэт. Күндү, киэргэл таҥаһы таҥын

Нууччалыы Одеваться во что-л. дорогое, наряжаться

  • Ымыы курдук ырыалаах, Далбарай курдук саҥалаах, Саарба тириитигэр саспыт, Үүс тириитигэр үлбүрүллүбүт, Оһуор иһигэр олоҕурбут Суоһалдьыйа Толбонноох диэн Суос-соҕотох кыыстаахтара эбитэ үһү
    С. Зверев

7 этии #

Нууччалыы Уклоняться от ответственности, перекладывая её на другого, прятаться за чужую спину

  • Киһи кэтэҕэр сас - атын киһинэн хаххаланан буруйгуттан куот, быыһан, быыһана сатаа Туора киһиэхэ буруйгун түһэримэ: хаһан да саһыма киһи кэтэҕэр.
    Л. Попов
  • Ср. др. -тюрк. йаш ‘скрываться’, тюрк. йашын, йажын ‘прятаться, скрываться’

«С» буукуба