Перевод с якутского
солоҕой
даҕааһын
Нууччалыы неприличный, непристойный
1 даҕааһын #
даҕ
Олох уустук оҥоһуутун, Утарсыыта солоҕойун Кырдьан иһэн киһи билэр, Хойутаан билэн кэмсинэр. С. Данилов Кини санаатыгар куоракка, таас дьиэҕэ быар куустан олорортон ордук солоҕой олох суох. Н. Борисов Мин көрдөһүүм солоҕойун бэйэм да сөхтүм ХС
2 даҕааһын #
Сүөргү, толоос, олуона
Нууччалыы Неприличный, непристойный
3 даҕааһын #
Солуута суох, сэлээр
Нууччалыы Несерьёзный, ветреный
Биирдэ баран эттэххэ, кини [тураах] саҕа солоҕой көтөр баар үһүө. Сэмээр Баһылай. Ол саҥа эрдэммит да буоллаҕына, Маака онтукатын да кытта түптээн-таптаан олорбот ини. Эмиэ биир солоҕой көстүө буоллаҕа дии. ХС Ср. бур. жолоогуй ‘необузданный’, чув. сулахай казак. солакай, башк. һулакай, тув. солагай, алт. сологой ‘левша’