Перевод с якутского
суккуй
туохтуур
Нууччалыы лить нескончаемым потоком; литься, течь нескончаемым потоком
1 туохтуур #
Барамматы сүөкүүр курдук өлгөмнүк, элбэхтик кут, сүөкээ; оннук тоҕун, түс
Нууччалыы Лить нескончаемым потоком; литься, течь нескончаемым потоком
Үрэхтэр хаар уутуттан халааннааннар ууларын күөлгэ суккуйаллар. В. Тарабукин Ардах быыстала суох суккуйбута хаһыс да күнэ буолла. Ыҥырар ыл. Сайыны быһа тохтоло суох суккуйбут уһун ардахтартан сир-дойду уунан туолбута ХС
2 туохтуур #
Иҥнигэһэ суох биир кэм түргэнник саҥар
Нууччалыы Говорить быстро, долго, без запинки
Үтүө киһи этэ, кэпсээн-ипсээн суккуйдаҕына, киһи иһиттэр истэн олоруох курдук буолара. С. Руфов Табаахырап барахсан, суккуйан, эппэхтиир эристиин этэ. Далан Урут сүһүөхтээн эрэр курдук аа-дьуо саҥарар бэйэтэ бу сырыыга биир тыынынан суккуйда. С. Федотов
Өссө холобурдар (1)
Ср. туркм. жулкулда ‘булькать’