ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

супту

сыһыат, кэнники тыл

Нууччалыы прямо

Ис хоһооно · 7
I

1 #

сыһ

  • Булчут уол баабыры хонноҕун анныгар үҥүүнэн супту түһэн кэбиспит.
    Амма Аччыгыйа
  • – Таас-таас хайа, бэрт буолларгын, сур-сур күүдээх тоҕо супту сүүрэр?
    Суорун Омоллоон
  • Тыала-кууһа киһини ханан чараас сиринэн, уолугунан супту охсон кэбиһэр
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (3)
  • Бараныар диэри курдары, дьөлө. Θ Полностью, без остатка (напр., высосать). Ыҥырыалар от амтаннаах симэһинин супту оборон илдьэн бэйэлэрин уйаларыгар мүөт мунньуналлар.
    Эрилик Эристиин
  • Күһүҥҥү ынах оҕотугар эмнэрэн, супту оборторорун абааһы көрөөччү.
    М. Доҕордуурап
  • [Носуостар] хас чаас аайы үс сүүс кубическай миэтэрэ ууну супту оборон ылан, биир сиргэ төттөрү өҕүйэн, кырата суох көлүйэ күөлү оҥорбуттар
    С. Федотов

2 #

Биир өттүттэн нөҥүө өттүгэр тиийэ, тириэрдэ; курдары

Нууччалыы Через всю толщу чего-л., насквозь (напр., проткнуть)

3 #

Хайа эмэ диэки көрбүтүнэн, көнөтүк

Нууччалыы Прямо, напрямик

  • Кыыс -- супту хааман дьулуруйан кэлэн ийэтин ыксатыгар турунан кэбистэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Ох супту сурулаан тиийэн оҕонньор уҥа атаҕын чааскытын үнтү көттө.
    Саха фольк
  • [Сэмэн хайыһарынан] хайаттан аллара супту түһэн испитэ
    Н. Якутскай

4 #

Араарбакка, тонолуппакка (көр, одуулаа)

Нууччалыы Пристально, неотрывно (смотреть, всматриваться)

  • Яков тугу эрэ толкуйдуурдуу түннүк диэки супту көрөн олордо.
    М. Доҕордуурап
  • Күөрэгэй "Туорааҕы" көмөн баран, умайан бүтэн эрэр дьиэтигэр оргууй аҕай кэлэн супту одуулаан турда.
    Т. Сметанин
  • Кампей кулуһун маһы салаан уунаҕалыыр төлөнүн саҥата суох супту көрөн иһийэн олорбута
    П. Аввакумов

5 #

Куруук, мэлдьи

Нууччалыы Постоянно, всегда, беспрерывно

  • Супту аһыыр даҕаны, хаһан даҕаны тот буолбат (тааб.: оһох). Суруйааччыттан ааҕааччы Супту үксү эрэйээччи.
    Күннүк Уурастыырап
  • Бу Болтоҥнорго сүктэн кэлиэҕиттэн Сомоҕоллойу дэҥ кэриэтэ көрөр, оттон сураҕын супту истэр буолбута
    Болот Боотур

6 этии #

Этиилэр

Супту уулаа (обор) көр обор

  • [Тиитэп:] Аны кини биһиги хара көлөһүммүтүн супту уулуу олорбута тохтуура буолуо.
    А. Софронов
  • [Көлөһүммүн барытын] Хаппытыан Ачаарап бэдэрээтин суолугар супту уулаан ылбыта.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (2)
  • [Манчаары:] Тиийиммэт-түгэммэт хааннаах хара көлөһүнүн барытын кини супту оборор.
    В. Протодьяконов
  • Ср. монг. шувт ‘насквозь; навылет’, бур. шобто, калм. шуптҕ ‘через, насквозь’
II

7 #

быһа II диэн курдук. Күнү супту туос иллэҥмин. Н. Лугинов. Тыал ити күнү супту кыскыйар. Н. Якутскай. Күнү супту үлэм айдаана. Венера

«С» буукуба