ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тамты

сыһыат

Нууччалыы совершенно

1 #

, кэпс

  • Оо, өлүү эбит, тамты сыыһан кэбистэ дии!
    Н. Лугинов
  • Бөһүөлэк олохтоохторун улахан аҥаардара – эбэҥкилэр. Ол эрээри тылларын тамты билбэттэр.
    Е. Неймохов
  • Куртахтара төһө да курастыйдар, истэригэр ас тамты киирбэт буолбут
    Л. Габышев

2 #

Адьас (хол., быыһан), төрүт, ончу (хол., сыыһан кэбис)

Нууччалыы Полностью, окончательно (напр., освободиться, оправдаться), совершенно, вовсе (напр., не лезет – еда), вчистую (напр., промахнуться). [Күкүр Уус:] Кэпсээтэххэ – тамты быыһанным, буруйбун-аньыыбын олорчу сууйдум

3 #

Букатыннаахтык, туох да хаалбат гына, бүтэһиктээхтик

Нууччалыы До конца, без остатка, полностью (напр., исчерпаться)

  • Алта гаалаах сири суос-соҕотоҕун оттоон тамты бүтэрдэ. Дьөрү салааны да хаалларбата.
    М. Доҕордуурап
  • Эттэрэ эрдэ бүппүтэ, арыы, сахар тамты мэлийдэ, кирпииччэ курдук хаппыт аҕыйах бухааҥка килиэп эрэ хаалла.
    И. Сысолятин
  • Бу күөл уута сэрии сылларынааҕы курааҥҥа тамты эстэ сылдьыбыттаах.
    ФВС К

«Т» буукуба