Перевод с якутского
тамыйах
аат тыл
Нууччалыы телёнок.
1 аат тыл #
, түөлбэ. Торбос
Нууччалыы Телёнок. Сымнаҕас айахтаах тамыйах тиэргэн иһинээҕи ынаҕы барытын эмэр. Саха фольк. Ийэм ыҥыран ылан: "Тоойуом, тамыйахтаах ынаххын үүрэн аҕал эрэ, киэһээ ыам чугаһаата", – диэтэ. "ХС". Сэппэрээтэрдээһин кэнниттэн бөлөнөх, эбэтэр холбуллубут үүт хаалар, ону бороохтуйбут тамыйахтарга, сибиинньэҕэ эмиэ иһэрдэллэр. СИиТ
2 этии #
Тамыйах абааһыта кэпс., сэнээн. – уопсастыбаҕа туох да аптарытыата, сабыдыала, ыйааһына суох киһи (тамыйах абааһыта торбоһу эрэ ыарытыннарар, сиир кыахтаах саамай кыра, сэнэнэр абааһы. онно холоон этии) Бу тамыйах абааһылара былааһы ылыахтара диэн тыыммыккын быһыылаах. Эрилик Эристиин
Нууччалыы Человек, не имеющий никакого авторитета, влияния, веса в обществе (букв. телячий чёрт). (По поверью: тамыйах абааһыта – злой мелкий, слабый, ничтожный из чертей, обычно вызывающий только презрение). [Дуугулааһап:] Бу Дэдээһэп эрэйдээх, эн күнүҥ тахсан ырҕаҥнаан эр
3 этии #
Этиилэр
Тамыйах абааһыта
торбос абааһыта диэн курдук (көр абааһы).
Тамыйах абааһыта кулуҥҥа чарапчыламмытыгар дылы (өс ном.)